71 — Дьокуускайга, 4 — Уус Алдан улууһугар, 3 — Хаҥалас оройуонугар, иккилии — Горнай уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, биирдии — Бүлүү, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар эбии коронавирустаабыт дьон баара бэлиэтэннэ. Ыарыһахтар балыыһаҕа киирдилэр, алтыспыттара билиннилэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрэр.
40 киһи коронавирустан үтүөрдэ, ол иһигэр 31 — Дьокуускайга, 4 — Мэҥэ Хаҥаласка, иккилии — Алдан уонна Хаҥалас оройуоннарыгар, 1 — Нам улууһугар.
24 киһи ыарахан туруктаах.
Лабораторияларга ааспыт сууккаҕа 2722 тест оҥоһулунна.
Бэс ыйын 15 күнэ:
Коронавирустаата — 3122 (+85)
Үтүөрдэ — 1834 (+40)
Суорума суолланна – 20 (+0)
This post was published on 15.06.2020 12:01 12:01