Коронавирус. 97 киһи эбии ыарыйда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи штаб алтынньы 6 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр эбии 97 киһи COVID-19 ыарыыга сыһынна. 


Дьокуускайга – 58. Мэҥэ Хаҥаласка — 6. Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Уус Алдаҥҥа — түөртүү. Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Нам оройуоннарыгар — үстүү. Горнай, Эдьигээн улуустарыгар — иккилии. Абыйга, Булуҥҥа — биирдии.

Лабораторияларга 1 692 тест оҥоһулунна.

This post was published on 06.10.2020 14:02 14:02