Коронавируһунан ыалдьыбыттары чөлүгэр түһэрэр Абалаахтааҕы мэдиссиинэ киинигэр үс ый иһигэр 90 киһи доруобуйатын туругун тупсарбыт. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. «Абалаахха» эбии «Чэбдик» санатория ыарыһахтары чөлүгэр түһэрэр.
Бу санаторийдарга улаханнык ойоҕостоппут, ИВЛ аппаратыгар сыппыт, балыыһаҕа өр сытан эмтэммиттэр чөлүгэр түһүүнү ааһаллар.
Реабилитация 14 — 17 күн салҕанар. Манна дьон лечебнай физкультуранан дьарыктанар, физио эмтэниини ааһар, массаж ылар, механотерапияны, аһаҕас салгыҥҥа дьарыктанар, көрдөрүүнэн — бадараанынан эмтэниини, ваннаны анатар.
Чөлүгэр түһүөн баҕалаахтар бэйэлэрин поликлиникаларын терапевт быраастарыттан направление көрдүүллэр, сорохтор стационартан быһа ананан киирэллэр.