Коронавируһунан ыалдьыбыт дьону чөлүгэр түһэриигэ болҕомтону ууруохтара

От ыйын 10 күнүттэн «Абалаах» санаторийыгар коронавируһунан ыалдьыбыт дьону чөлүгэр түһэрии саҕаланна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина от ыйын 21 күнүгэр суһал ыстаап иһитиннэриитин кэмигэр эттэ. 


Ольга Балабкина коронавируһунан ыалдьыбыт дьон тыынар уорганнарыгар оҕустараллар, онон өрөспүүбүлүкэ дьон доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ болҕомтотун ууруо диэн эттэ.

This post was published on 21.07.2020 13:01 13:01