От ыйын 10 күнүттэн «Абалаах» санаторийыгар коронавируһунан ыалдьыбыт дьону чөлүгэр түһэрии саҕаланна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина от ыйын 21 күнүгэр суһал ыстаап иһитиннэриитин кэмигэр эттэ.
Ольга Балабкина коронавируһунан ыалдьыбыт дьон тыынар уорганнарыгар оҕустараллар, онон өрөспүүбүлүкэ дьон доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ болҕомтотун ууруо диэн эттэ.