Коронавируһу утары быраабылалар оскуолаҕа өссө биир сыл тутуһуллуохтара

2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри оскуолаларга, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр, лааҕырдарга, оҕо кииннэригэр ирдэнэр санитарнай быраабылалар тутуһуллуохтара. Роспотребнадзор бирикээһэ ахсынньы 18 күнүттэн үлэлиир.


Докумуоҥҥа сурулларынан, оҕо тэрилтэлэригэр кылаастар холбоһуктаах маассабай тэрээһиннэри ыытыы бобуулаах. Күн аайы дезинфекциялааһын ыытыллыахтаах.

Санитарнай быраабылаларынан үөрэх кэмигэр уонна переменаҕа оҕолор алтыһыыларын таһаарыллыа суохтаах, күн аайы оҕо доруобуйатын туруга бэрэбиэркэлэниэхтээх, ыарыы сибикитэ билиннэ да изоляцияланыахтаах.

«Саас барыта этэҥҥэ буоллаҕына, балаҕан ыйыгар быраабыла уларыйыан сөп», — диэн кылаабынай санитарнай быраас Анна Попова иһитиннэрдэ.

Санатар эбит буоллахха, үгүс оскуолаҕа 1 — 5 кылаастар үгэс курдук үөрэнэллэр, атын кылаастарга дистанционнай киэбинэн үөрэхтэрин ылааччылар эмиэ бааллар. Вице-премьер Татьяна Голикова эппитинэн, сэтинньи 24 күнүнээҕи туругунан, 16,8 мөл үөрэнээччиттэн, дистанционнайынан 275 тыһ оҕо хабыллар.

This post was published on 18.12.2020 14:02 14:02