Саха сиригэр коронавируһу утары 1,5 тыһыынча быраас, 4000-тан тахса орто уонна 2000-тан ордук мэдиссиинэ алын сүһүөх үлэһиттэрэ үлэлииллэр. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Коронавирус саҥа инфекциятын хаппыт киһи ахсаана күнүн аайы аҕыйыыр. Ол эрэн саастаах, араас дьарҕа ыарыылаах дьон ыалдьара элбээбит. Кинилэр ыараханнык ыалдьаллар, кислородунан тыыналлар.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ быраастар күнү-түүнү аахсыбакка, бэйэлэрин доруобуйаларын толук ууран туран, дьон туһугар үлэлииллэрин санатар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһаайан харыстанар миэрэлэри тутуһалларыгар, улахан наадата суох элбэх дьонноох сиргэ тоҕуоруспаттарыгар, мааска, бэрчээкки, дьонтон дьалты туттуу, чэнчис буолуу булгуччулаахтарын тоһоҕолуур.
This post was published on 06.08.2020 15:01 15:01