Коронавирус кумаардарынан тарҕаммат. Маннык түмүгү Италия доруобуйатын харыстабылын национальнай институтун (ISS) учуонайдара таһаардылар. РИА Новости суруйар.
Учуонайдар чинчийиилэрин кэмигэр быһаарбыттарынан, үөҥҥэ-көйүүргэ ыарыылаах хаанынан бэриллибит вирус салгыы сайдыбат уонна тарҕаммат.
Маны сэргэ учуонайдар доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтигэр сигэнэллэр. Онно этиллэринэн, хааны оборор үөн-көйүүр коронавируһу тарҕатар кыаҕа суох.
Бэлиэтээбиттэринэн, бу көннөрү кумаарга эрэ сыһыаннаах буолбатах, «тигровай» диэн ааттанар кумаардарга эмиэ туһуланар. Биллэрин курдук, манныктар Денге лихорадканы уонна да атын ыарыылары тарҕатар кыахтаахтар.