Өрөспүүбүлүкэҕэ дьаҥ туруга уустук, онон алтынньы 31 күнүгэр диэри сынньалаҥ, аралдьытар, култуурунай уо.д.а. тэрээһиннэр ыытыллаллара тохтотуллубута.
Алтынньы 14-17 күннэригэр Дьокуускайга «Өрөгөй» успуорка бэлэмнэнии киинигэр буолуохтаах Дмитрий Коркин турнира биллибэт кэмҥэ көстө.
Быйылгы турнир Павел Пинигин, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов 1976 сыллаахха Монреаллааҕы Олимпиадаҕа өрөгөйдөөбүттэрэ 45 сылыгар ананан ыытыллыахтааҕа. Итиэннэ эрдэ суруйбуппутунан, номнуо 12 дойду сүүмэрдэммит хамаандата кыттарын биллэрбитэ.
«СӨ Успуорка уонна физическэй култуураҕа министиэристибэтэ турниры биллибэт кэмҥэ көһөрдө. Маннык уустук кэмҥэ бары эппиэтинэстээх, сомоҕолоһуулаах буолуохтаахпыт, дьон доруобуйата инники күөҥҥэ турар. Этэҥҥэ буолуҥ, быһыыны кэмигэр ылыҥ», — диэн миниистир э.т. Леонид Спиридонов иһитиннэрдэ диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата тиэрдэр.
Источник: edersaas.ru
This post was published on 05.10.2021 15:01 15:01