Соҕуруу Кореяҕа кыһыҥҥы XXIII олимпийскай оонньууларга араас култуурунай тэрээһиннэр ыытыллаллар. Саха сириттэн тоҕус уус-уран кэлэктиип фольклор бэстибээлигэр кытталлар.
«Соҕуруу Кореяҕа кыһыҥҥы XXIII олимпийскай оонньууларга Тааттаттан бэстибээл- куонкуруска «Алаас оһуордара» народнай үҥкүү ансаамбыла кыттар. Барыта 9 бөлөх кыттыыны ыларыттан, биһиги үҥкүүһүттэрбит эрэ Соҕуруу Корея бырабыыталыстыбатын эҕэрдэлээн үҥкүүлүүр чиэскэ тиксиэхтэрэ», — диэн бастакы үөрүүлээх сонун бу сарсыарда толордо.
Иккис сонун — ыраах Тымныы Полюһуттан Өймөкөөнтөн Соҕуруу Корея киин куоратыгар Сеулга «Айылгы» хомусчуттар ансаамбыллара эмиэ фольклор бэстибээлигэр варган жанрыгар кыттар.
«Айылгы» үөрэнээччилэр хомуска ансаамбылларын Өймөкөөн орто оскуолатын учуутала Сардаана Уйгун сүүрбэттэн тахса сыл салайар. Бу сыллар тухары оҕолор аан дойдутааҕы араас таһымнаах куонкурустарга кытталлар. Биллэн турар, олимпийскай оонньуулар култуурунай тэрээһиннэригэр бастыҥтан бастыҥы талаллар.
Онон Саха сирин чиэһин көмүскүү Соҕуруу Кореяҕа айаҥҥа туруммут аҕам саастаах уонна эдэр көлүөнэ дьоммутугар — тоҕус уус уран айар кэлэктиипкэ ситиһиилэри баҕарабыт.
This post was published on 12.02.2018 09:15 09:15