Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһыҥҥа кыттыыга сайаапка хомуйааһына саҕаланна

Россия олохтоохторо Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ Бүтүн Россиятааҕы куоластааһыҥҥа, кини ханна олороруттан тутулуга суох, ханнык баҕарар учаастакка кыттыахтарын сөп. Талбыт быыбардыыр учаастагар регистрацияны ааһарга эрдэ сайаапка биэриэн наада. Маннык сайабылыанньалары хомуйуу кулун тутар 25 күнүттэн саҕаланна. Муус устар 16 күнүгэр дылы салаҕанан барыаҕа, диэн «Парламентская газета» суруйар.


2019 сылтан Россия федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы быыбардарыгар «Мобильный избиратель» систиэмэ туттуллар. Манан дьон ханна пропискалааҕыттан тутулуга суох, быыбар күн олорор сиринээҕи учаастагар баран куоластыан сөп.

КБХ баһылыга Элла Памфилова эппитинэн, Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын күнэ дойду баһылыгын ыйааҕынан эрэ уларытыллыан сөп. Билигин оннук докумуон суох. Онон Киин быыбардыыр хамыыһыйа муус устар 22 күнүгэр куоластааһыны ыытарга бэлэмнэнэр.

Кулун тутар 25 — муус устар 16 күннэригэр «Мобильный избиратель» систиэмэнэн ханнык баҕарар МФЦ-га эбэтэр территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа сайаапка түһэриэххитин сөп. Муус устар 11 күнүттэн систиэмэ учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга регистрациялыыр.

Сиһилии https://ysia.ru/nachinaetsya-priyom-zayavok-na-uchastie-v-golosovanii-po-konstitutsii/

This post was published on 25.03.2020 17:38 17:38