Куска бултуурга көҥүлү ким биэрэрэ, киһи ханна бултууруттан тутулуктаах: сыһыарыллыбыт сир, уопсай сир, оһуобай харыстабыллаах сир диэннэргэ арахсар. Ол туһунан экология министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Лера Евсеева кэпсээтэ.
Булчуттар көҥүл ыларга: сыһыарыллыбыт сиргэ — сирдээх киһиттэн; уопсай сиргэ – боломуочуйалаах уоргаҥҥа; оһуобай харыстабыллаах сиргэ – айылҕа харыстабылын тэрилтэтигэр билсиэхтэрин сөп.
Куска көҥүл бултуур болдьох арыллара 30 күн иһигэр бэриллэр.
«Экология министиэристибэтин тэрилтэлэрэ кус атыырыгар «подсадной» кустаах бултуурга көҥүлү кулун тутар 26 күнүттэн биэрэр, бултанар кэмэ — муус устар 25 күнүттэн саҕаланар», – диэтэ ЯСИА-ҕа Лера Евсеева.