Атырдьах ыйыгар Байкал-Амур тимир ыллыгын тутууга анаммыт бырайыак саҕаланыаҕа. Амур уобалаһын Тындатыттан Дьокуускайга диэри “Комсомольская правда” анал агитпоеһа кэлиэҕэ, диэн Федерация Сэбиэтин бэрэстэбиитэлэ Александр Акимов иһитиннэрдэ. Бырайыак хомсомуол 100 сылыгар ананна.
“Комсомольская правда” бастакы агитпоеһа Тындаҕа 1975 с. алтынньы 5 күнүгэр кэлбитэ. Бу поезд БАМ устун 500 тыһыынча км. айаннаабыта.
СИА.