Минцифра коммунальнай өҥө иһин төлөбүргэ туттуллар квитанциялары ыытыыттан аккаастанар туһунан дьүүллэһэр диэн биэдэмистибэ «Известияҕа» иһитиннэрдэ.
«Билигин сыыппара министиэристибэтэ коммунальнай төлөбүр иһин кумааҕы квитанция булгуччулаах ыытыытыттан аккаастанар туһунан дьүүллэһии ыытар», — диэн эттилэр. Кумааҕы квитанциялартан аккаастанан, электроннай докумуон эргииригэр киирии — сүрүн сорук буоларын бэлиэтээтилэр.
Муус устар 1 күнүгэр Минпромторг эмиэ атыы эйгэтигэр булгуччулаах кумааҕы чеги биэрииттэн аккаастанар туһунан эппитэ. Маннык этиилээх биэдэмистибэ баһылыгын солбуйааччы Виктор Евтухов Федеральнайдааҕы нолуок сулууспатыгар тахсыбыта.
This post was published on 06.04.2022 11:01 11:01