Коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрин оҕолоро Хара муораҕа сынньаныахтара

Оҕолор 2015 сыл сайыныгар эмиэ сынньаммыттара

“СР ОДьКХ” ГУП холбоһуктаах сирдээҕи-уоттааҕы идэлээх сойууһа коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрин оҕолорун сынньатыыга күүскэ үлэлиир. Бэлиэр сайыҥҥы сынньалаҥ былаанын торумнаан, үлэни саҕалаатылар.


«Быйыл сайын 120 оҕону сынньатыахпыт. Ол курдук, оҕолор Краснодарскай кыраайга Новомихайловское бөһүөлэккэ баар “Старт” уонна Анапаҕа “Огонек” лааҕырга баран доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрэ, дуоһуйа сөтүөлүөхтэрэ, сынньаныахтара», — диэтэ СИА-ҕа анаан идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлэ Сергей Анисимов.

Билигин тэрилтэ 34 филиалыгар квоталар түҥэтиллэн, сайаапкалар киирэн эрэллэр. Көтөр билиэттэрин сакаастаан, муус устар ыйга субсидиялаах билиэти атыылаһыахтара. Оҕолору кытта анал үөрэхтээх быраастар, педагогтар арыаллаан барсыахтара.

This post was published on 30.03.2016 16:37 16:37