Колымаана оҕото тыһы эбит

Үрүҥ эһэлэр Ломоносов уонна Колымаана эһэчээннэрэ тыһы буолара бүгүн билиннэ. Бу иннинэ зоопарка үлэһиттэрин ийэ оҕотугар олох чугаһаппат этэ. Кулун тутар 24 күнүгэр Колымаана оҕотун вольертан бэйэтэ аан бастаан таһаарбыт.


Кини сэтинньи эрэ ыйыгар төрөөбүтэ, ол да буоллар ийэтин курдук кытаанах майгылаах эбит диэн «Орто Дойду» үлэһиттэрэ кэпсээтилэр. Сотору кэминэн, киниэхэ аатын таларга күрэхтэһии буолар үһү.

edersaas.ru

This post was published on 10.04.2017 18:22 18:22