Клишас: Конституцияҕа уларытыылары киллэриинэн куоластааһын күнэ көһөрүллэригэр төрүөт суох

Муус устар 22 күнүгэр Конституцияҕа уларытыылары киллэрииинэн куоластааһыны көһөрүү туһунан быһаарыы суох. Балаһыанньа оннук дьаһалы ылынары ирдээбэт. Россияҕа коронавируһу кытта охсуһуу миэрэлэрэ сөпкө баран иһэллэр. РИА Новости-га конституционнай сокуоннаска Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Клишас эттэ диэн, СИА иһитиннэрэр. 


«Ведомости» хаһыат эрдэ Бүтүн Россиятааҕы куоластааһын күнүн муус устар 22 күнүттэн бэс ыйыгар көһөрүллүөн сөбүн суруйбута.

«Көһөрүү туһунан быһаарыы суох. Бырабыыталыстыба уонна Москва былаастара коронавирус тарҕаныытын бохсор миэрэлэрэ көдьүүстээхтик бараллар«, — диэтэ сенатор.

«Куоластааһыҥҥа саҥа күнү аныыр туһунан ыйаах эрэ таҕыстаҕына«, — диэн эппиэттээтэ Клишас, «өскөтүн куоластааһын күнэ көһөрүллэр буоллун ханнык нуорма-быраап докумуона ылылларый» диэн ыйытыыга эппиэттииригэр.

This post was published on 24.03.2020 11:03 11:03