Климент Иванов: “Көннөрүүлэр эрэгийиэннэргэ үчүгэйинэн эргийиэхтэригэр эрэнэбин”

Төрүт сокуоҥҥа киирэр уларытыыларга куоластааһын бэс ыйын 25 күнүттэн саҕаланна. Норуот олоҕун уйгутун түстүүр сүрүн докумуону дьон-сэргэ үчүгэйдик билсэн, ырытан баран, быыбардыыр учаастакка туох иһин куолаһын биэрэрин лоп курдук быһаарынан кэллин диэн толкуйдуурга добуочча элбэх кэм бэрилиннэ.


Биллэр судаарыстыбаннай-политическай деятель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уонна Ил Түмэнин үстүү ыҥырыытын дьокутаата Климент Ивановтыын РФ Төрүт сокуонугар киирэр уларытыылар тустарынан кэпсэттибит.

— Климент Егорович, РФ Төрүт сокуонугар киирэр көннөрүүлэртэн ордук ханнык ыстатыйалар уларыйыыларын сэҥээрдиҥ?

— Конституция диэн биһиги Төрүт сокуоммут, кини сүрүн соруга –  гражданин көмүскэллээх буолуутун хааччыйыы. РФ Төрүт сокуонугар киллэриллибит уларытыылар ити өттүн күүһүрдэллэр.

Киһи олоҕор-дьаһаҕар көмөлөһүү баар буолара ирдэнэр. Хамнас, дьон тиийинэн олорорун курдук, хамнас алын кээмэйиттэн (МРОТ) кыра буолуо суохтаах. Ити олус наадалаах. Билигин сорох тэрилтэлэргэ, ордук чааһынай дарга, хамнастара олус кыра, ол иһин билигин дойдуга дьадайыы көстүүтэ баар. Биэнсийэни сылын аайы индексациялааһын уонна кыһалҕалаахтык олорор дьоҥҥо көмө көрүллэр. Доруобуйа харыстабылын салаата күүһүрдүллүөхтээх. Ол көннөрүү нэһилиэнньэ бары араҥатын доруобуйатын көрүүнү-истиини хааччыйары ирдиир. Онон сибээстээн тыа сиригэр, муниципалитеттарга доруобуйа харыстабылыгар көрүллэр үбү улаатыннарыахтарын, мэдиссиинэ туруга тупсарыгар үгүс үлэни ыытыахтарын сөп.

Былаас барыта дойду баһылыгар түмүллэрэ – бу аныгы сайдыылаах судаарыстыбаҕа баар көстүү буолбатах. Онон Госдума, Федерация Сэбиэтин боломуочуйалара үрдүүрэ демократия сайдыытын көстүүтүнэн буолар. Саҥа көннөрүү быһыытынан Бырабыыталыстыба састаабын Госдума, онтон бэрээдэги тутар уорганнар састааптарын  Федерация Сэбиэтэ бигэргэтэр буолуоҕа. Дойду баһылыга ол кэнниттэн эрэ итиннэ ыйаах таһаарар буолуоҕа. Мин ону сөптөөх диибин. Ити былаас эппиэтинэһин үрдэтиэҕэ уонна туруктаах оҥоруоҕа.

РФ субъектарыгар бу көннөрүүлэр дьайыылара хайдах буолуохтарай? Суверенитет диэн өйдөбүл күүһүрүө дуо, умнуллуо дуо?

— 1993 сыллаахха ылыллыбыт дойду Төрүт сокуонун оҥоһуллуутугар биһиги өрөспүүбүлүкэбит көхтөөхтүк кыттыбыта. «Хантан эрэ кэлэн Төрүт сокуону суруйан биэрбиттэрэ» диэн сыыһа толкуйдааһын.

Арассыыйа Федерацията суверенитеты ылынан, туспа судаарыстыба буоллар даҕаны, 1992 сылга диэри 1978 сыллаахха РСФСР бигэргэппит Төрүт сокуонунан олорбута. Онон Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтэ саҥа Төрүт сокуону бэлэмнииргэ ылсыбыта. Бэрт ыксалынан Олег Румянцев салайааччылаах оробуочай бөлөх саҥа Төрүт сокуон барылын бэлэмнээбитин ордук автономнай өрөспүүбүлүкэлэр астымматахтара, элбэхтик кириитикэлээбиттэрэ. Ол курдук, Төрүт сокуон бастакы барылыттан астыммакка, А.А. Собчак уонна дойду биллиилээх юристара А.А. Алексеев, С.М. Шахрай буоланнар Төрүт сокуон альтернативнай бырайыагын бэлэмнээбиттэрэ. Онно өссө 1991 сыллаахха тэриллибит Б.Н. Ельцин баһылыктаах киэҥ састааптаах конституционнай хамыыһыйа үлэлээбитэ. Хамыыһыйа биир актыыбынай чилиэнэ биһиги маҥнайгы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев этэ. Хамыыһыйа элбэхтик мустан мунньахтыыра, бырайыагы, киирбит этиилэри дьүүллэһэрэ. Онно Саха сириттэн оробуочай хамыыһыйа чилиэннэрэ В.В. Власов, Е.М. Ларионов уонна мин хаста да кыттан, бэйэбит санаабытын аһаҕастык этэн, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын көмүскэһэн турабыт. Оччотооҕу РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин чилиэннэрэ З.А. Корнилова, А.В. Кривошапкин, С.Д. Бубякин эмиэ конституционнай хамыыһыйа үлэтигэр көхтөөхтүк үлэлэспиттэрэ. 1993 сыллаахха Төрүт сокуон ылыллыытыгар үлэлээбит конституционнай хамыыһыйа мунньахтарын стенограммата 11 том буолан тахсыбыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит интэриэһин көмүскээн эппит этиилэрбитин онтон булан ааҕыахха сөп.

Саха сирин уопсастыбынньыктарын, салайааччыларын сиэрдээх, ылыннарыылаах этиилэрин улаханнык болҕойоллоро. Ол туоһутунан Төрүт сокуон икки варианын оҥорсубут уонна конституционнай хамыыһыйа оробуочай бөлөҕүн салайааччылара Олег Румянцев уонна Сергей Шахрай Дьокуускайга кэлэннэр, Үрдүкү Сэбиэт дьокутааттарын кытары көрсөн сүбэлэспиттэрэ буолар.

Ордук автономнай өрөспүүбүлүкэ туруорсууларынан, Төрүт сокуон ылыныллыан иннинэ, 1992 сыллаахха кулун тутар ыйга федеративнай дуогабарга илии баттаммыта өрөспүүбүлүкэлэр статустарын үрдэтиигэ улахан оруолламмыта. Онон РФ Төрүт сокуона биһиги норуоппут, дойдубут сайдыытыгар төһүү күүс буолан кэллэ.  Ол иһин даҕаны Төрүт сокуоҥҥа уларытыы киирэриттэн норуот сэрэхэдийэрэ, элбэхтик толкуйдуура саамай сөп. Араас толкуйдар баалларын, сорохтор сөбүлэспэт да түгэннэрин сэмэлиир табыллыбат. Ол эрээри араас этиилэртэн сөптөөҕүн таларбыт наада. Сорохтор түгэнинэн туһананнар бу уларытыылар сыыһаларын дакаастыы сатыыллар. Онон мин ити улахан суолталаах боппуруоска санаабын үллэстииһибин.

Эппитим курдук, кэм-кэрдии аҕалар уларыйыыларынан дойду Төрүт сокуонугар көннөрүүнү киллэрии судаарыстыба аайы баар. Биһиги Төрүт сокуоммут ылыллыбытыттан 27 сыл ааста. Дойдубутугар даҕаны, аан дойду үрдүнэн даҕаны быһыы-майгы уларыйда. Төрүт сокуоммут сүрүн өттүн хаалларан тураммыт, сөптөөх уларытыылары киллэрэр наада буолла.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһыгар быһаччы суоһуур уларытыыны көрбөппүн. Суверенитет диэн тылы устубуттара 10-тан тахса сыл буолла. Боломуочуйабыт ону тэҥэ эмиэ аччаан турар. Сир баайын ресурсаларын туһаныыга бырааппытын эмиэ сүтэрэн турабыт. Ол 2004 сыллаахха Госдумаҕа саҥа редакциянан ылыллыбыт “Сиртэн хостонор баай туһунан” уонна “Бүддьүөт кодексата” диэн сокуоннарын түмүгэр тахсыбыта.

Мин санаабар, публичнай былаастар икки ардыларыгар боломуочуйалары үллэрии туһунан көннөрүү инники өттүгэр регион боломуочуйаларын үрдэтиигэ кыах биэрэр. Оччоҕо ити мин үөһэ эппит боломуочуйаларбытын төнүннэрэргэ кыах баар буолар. Сокуонунан көрүллүбүт ньыманан инники өттүгэр күүскэ туруорсуохха наада.

— Былаас уорганнарын үлэһиттэригэр хааччахтааһыны туох дии саныыгыный?

— Биһириибин. Дойду салалтатыгар саҥа ирдэбиллэр ити көннөрүүгэ көрүллэллэр. Онно ордук чунуобунньук атын дойду гражданинынан буолара, кинилэр тас дойду бааныгар харчыларын уураллара бобуллуоҕа. Ити ордук олигархтарга чугас, кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр чунуобунньуктарга сыһыаннаах. Ол биһиги дойдубутугар ыытыллар ис уонна тас бэлиитикэҕэ олус баай дьон сабыдыалларын мөлтөтүө. Боростуой дьон интэриэһин көрөр дьон былааска кэлэллэрин хааччыйыаҕа.

— Дойду Бэрэсидьиэнин дуоhунаhыгар биир киhи икки болдьохтон ордук талыллыбатын хааччахтааhыны Төрүт сокуоҥҥа киллэриигэ эн санааҥ?

— Арассыыйа дьоно олус уһуннук былааска олорор дьону сөбүлээбэт. Бэйэтин кэмигэр Сталины “саралаабыт”, онтон Хрущевы “дьаһайбыт”, Брежневы “төкүнүппүт”, Горбачевы “элиппит”, онтон билигин Ельцини “ыас гынан ыстабыл оҥостубут” дьоммут. Ити биһиги көҥүл санааҕа киирэ иликпитин, истинньэҥ буола үөрэммиппитин көрдөрөр. Хомойуох иһин, салайааччы куһаҕан, үчүгэй өттүн араарбакка, барыларын “күрдьүккэ элитэргэ” биһигини үөрэппиттэрэ. Ити олох сыыһа. Ол аата биһиги ааспыт олохпутун күдээринэ көрөбүт, силиспитин-мутукпутун кэрдинэбит. Салайааччы өҥөтүн норуот сыаналыахтаах.  Мин санаабар, дойду салайааччытын талыыны икки больдоҕунан хааччахтааһыны көтүрэр буортуну оҥорбот.

Судаарыстыба баһылыгын быыбардыыр кэмигэр дойду иһигэр даҕаны, аан дойдуга даҕаны араас балаһыанньа суоһуон сөп. Онно ол болдьохтон күһэйтэрэн атын киһини баһылыгынан талыы норуот олоҕор охсуулаах буолуон сөп. Өс хоһооно баар дии: “Күүстээх сүүрүктээх үрэҕи туоруургар эрэнэр аккын миинэр буол” диэн. Онон дойду салайааччытын талыыны норуот көрүүтүгэр бэриллиэхтээх, ким талыллан олорорун норуот санаата быһаарыахтаах. Владимир Путин бэйэтэ былааска хааларын бэлэмниир диэн этэр дьону кытары сөбүлэспэппин. Биһиги, быыбардааччылар толкуйа суох, этэргэ дылы, “барааннар” үһүбүт дуо?! Оннук буолбатах. Төрүт сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии аныгыс буолар быыбарга анаммыт диир сыыһа. Ким дойду баһылыгынан буоларын талыы – ол норуот санаатынан буолуоҕа.

Өссө биир мөккүөрү тардар көннөрүү туһунан санаабын этэбин. 68-с ыстатыйа 1 чааһыгар этиллэр  судаарыстыба төрдүн оҥорор нуучча норуотун тылын туһунан. Ону кириитикэлээччилэр көннөрүү ис хоһоонун ситэри эппэттэр. Онно салгыы этиллэр эбээт, нуучча норуота элбэх национальностаах, тэҥ бырааптаах норуоттары кытары РФ састаабыгар киирэрин туһунан. Онтон салгыы өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин территорияларыгар судаарыстыбаннай тылы олохтуур бырааптаахтара ыйыллар. Өссө 68-с ыстатыйа 3 чааһыгар РФ бары норуоттара төрөөбүт тыллара тыыннаах хааларыгар бары усулуобуйа тэриллиэхтээҕин туһунан ыйыллар. Онон ол туһунан Төрүт сокуоҥҥа көннөрүү биһиэхэ туох да куһаҕаны аҕалбат. Төттөрүтүн төрөөбүт тылбыт сайдарыгар туһалаах.

Онон Төрүт сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии бу олус эппиэтинэстээх уонна сайдыыны түргэтэтэр хардыы, дьон олоҕун тупсарар сыаллаах оҥоһуллар. Ол иһин  бүттүүн норуот дьүүлүгэр тахсар буоллаҕа. Сиэрдээх этиилэр киирэллэрэ туһалаах уонна биһирэнэр. Ол эрээри, була сатыы-сатыы аҥардастыы сэмэлээһин уонна норуоту куоластаабаттарыгар ыҥырыы — бу уопсастыба сайдыытыгар буортулаах. Сөбүлэспэт буолуу –  бу дойду гражданинын бэйэтин дьыалата, ол эрээри атыттары булкуйара табыллыбат. Былыргы бөлүһүөк уонна биллиилээх поэт Омар Хайям сиэри таһынан тулалыыр эйгэни сөбүлээбэт буолуу сыыһатын, дьон санаатын самнарарын хоһуйан турар. Онно сорох дьон олохпутун хааччыйар аламай Күн барахсаны сэтэрииллэрин сэмэлиир. Кини этэн турар: “Сарсыардаа аайы үрдүбүнэн күн тахсан эргийэр. Онно мин туох да саҥаны көрбөппүн”. Улуу Омар Хайям дьону сиэрдээх буоларга үөрэппит этиитэ буолуохтаах.

Төрүт сокуону өрө тутан, бириэмэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр уларытыылары өйөөн, от ыйын 1 күнүгэр гражданскай иэспин толорор санаалаахпын.

This post was published on 26.06.2020 11:01 11:01