Клещтэн 18 киһи эмсэҕэлээн, куорат балыыһатыгар көрдөрүннэ

Сааскы-сайыҥҥы кэмҥэ куораттааҕы эчэйии пуунугар клещтан ытыттарбыт 18 киһи кэлэ сылдьыбыт. 


Сэрэхтээх көйүүрдэр, көрбүт дьон этэллэринэн, көтөр фабрикатын, Хатыҥ Үрэх, Жатай, Хаҥалас ойууругар бааллар. Ол туһунан Дьокуускайдааҕы медицина киинэ иһитиннэрэр.

«Пааркаҕа эбэтэр ойуурга бараргытыгар кулгааххытын, моойгутун сабар бэргэһэтэ кэтиҥ, эккитин барытын бүөлүүр таҥаста таҥныҥ, клеһи куттуур эмтэринэн ыстарыныҥ. Клещ эһиги эккитигэр хатанан ыстаабатын курдук миэрэлэри бэйэҕит ылыныҥ«, — диэн киин үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.

Клеһи утары быһыыны поликлиникаҕа ылыаххытын сөп. Туһааннаах медицина киинигэр вакцинацияҕа 719-850 төлөпүөнүнэн суруйаллар.

This post was published on 29.06.2017 12:30 12:30