Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков «Якутия 24» ханаалга дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүр дьаһаллар тустарынан кэпсээтэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
Первый вице-премьер Якутии отметил, что были сохранены процентные ставки по выданным кредитам и объявлены кредитные и налоговые каникулы. Также была принята новая мера «Торговля 2022» и продукт «Специальный».
Саха сирин бастакы вице-премьерэ биэрбит кредиттэринэн бырыһыан ставкалара оннунан хаалыахтара уонна кредиттэргэ нолуоктан сынньалаҥ биллэриллибитин бэлиэтээтэ. Ону сэргэ, « Атыы 2022» уонна «Анал»диэн саҥа миэрэлэр ылыллыбыттарын иһитиннэрдэ.
«Бастатан туран, бэриллибит кредиттэр бырыһыаннаах ставкалара оннунан хаалаллар, итиннэ өрөспүүбүлүкэ үбүттэн 200 мөл. солк. тахса харчы ороскуоттанар. Бэйэлэрин инвестиционнай бырайыактарын олоххо киллэрбит предпринимателлэр туруктаах балаһыанньаланалларыгар көмө миэрэлэринэн туһаннылар. Иккиһинэн, «Атыы-2022» диэн саҥа дьаһал көмөтүнэн дьоҕус уонна орто предпринимательствоҕа 8 %-ан аччыгый ставканан кредит биэриэҕэ. Бу оптовай, розничнай атыы-эргиэн эйгэтигэр бэйэтин бизнеһин оҥорооччуларга туһалаах. Оттон Арктика оройуоннарыгар үлэлиир дьоҥҥо ставкалар 6 %-ҥа тэҥнэһиэҕэ. Соторутааҕыта бэйэтин хааччынар кыаҕа суох предпринимателлэргэ «анал» диэн кирэдьиит бородууктата бигэргэтилиннэ. Уонна биллэн турар, ол кирэдьиит нолуоктан сынньалаҥа. Сынньалаҥ 6 ый уһуннаах буолуоҕа, ол эрээри өссө уһатарга бэлэммит», — диэн Кирилл Бычков иһитиннэрдэ.
» Дьон ордук 6%-тан 1 %-ҥа диэри намтаабыт судургутутуллубут системанан туһанар, «Дохуоттан ороскуоту көҕүрэтии» ставканан 10 %- тан 5 %- ҥа диэри намтаата»,—диэтэ.
This post was published on 31.03.2022 10:01 10:01