ВЭФ-2022 хонуутугар сыл аайы Саха сирэ регион араас салааларын сайыннарыыга туһуламмыт уонунан сөбүлэһиини түһэрсэр. Быйыл улахан сөбүлэһиилэр ортолоругар — сир баайдаах саҥа миэстэлэри булуу, Дьокуускайы биир кэлимник сайыннарыы, үрдүк күүрүүлээх линияны тутуу уо. д. а.
Форумҥа регион кыттыытын туһунан сиһилии өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ Кирилл Бычков «Якутия 24» телеханаалга кэпсээтэ, диэн СИА суруйар.
Балаҕан ыйын 5-8 күннэригэр Владивостокка ыытыллыахтаах VII Илиҥҥи экономическай форум хонуутугар Саха сирэ нефтегаз, тутуу, туризм уонна промышленнай салаалары сайыннарыыга туһуламмыт 40- ча сөбүлэһиигэ илии баттыыр былааннаах.
Бастакы вице- премьер кэпсииринэн, саамай суолталаахтар ортолоругар — «Росатом» госкорпорацияны кытта Күчүс, Тирэхтээх уонна Депутатскайга сир баайдаах сирдэри үөрэтиигэ, туһаҕа таһаарыыга, баһылааһыҥҥа сөбүлэҥ түһэрсиитэ буолар. Маны таһынан, Дьокуускай куорат биир кэлим сайдыытыгар, «Сулус» кварталы тутууга, Сулҕаччы — Амма үрдүк күүрүүлээх линиятын тутуу. Кирилл Бычков эппитинэн, бу дьаһал 10 сыл устата миллиард аҥарын кэриҥэ солкуобайы кэмчилиир кыахтаах.
Инвестиционнай бырайыактар көрүллүөхтэрэ, олор истэригэр Дьокуускайга өрүс пуордун тутуута, Хаҥаласка Батамай диэн сиргэ туристическай кластеры сайыннарыы. Бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ ВЭБ.РФ корпорацияны кытта үлэ барыаҕа, ол иһигэр оҕолорго адаптивнай киин тутуута.
«Аан дойдутааҕы бэбиэскэни умнар наадата суох. Саха сирэ куруук көхтөөх позициялаах. Доҕордуу дойдулары кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Бу өттүгэр Кытай народнай өрөспүүбүлүкэтин, Монголия уонна Вьетнам Эргиэн- промышленнай палататын кытта кэккэ көрсүһүүлэр ыытыллыахтара», — диэтэ бастакы вице-премьер.
This post was published on 02.09.2022 16:31 16:31