Кирилл Бычков байыаннай дьайыы хонуутугар тиэхиньикэ тиксэрдэ

Хаартыска: Владимир Укоев, Сахамедиа

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Суворов уордьанын 83-с туспа гвардейскай десантнай-штурмовой биригээдэ байыастарыгар тиэхиньикэни туттарда: массыыналар, квадроцикллар, матаһыыкыллар уо.д.а.

Буойуннары кытта көрсүһүүгэ Кирилл Бычков Салгын десантниктарын күннэринэн (ВДВ) итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. «Байыаннай биригээдэлэр байыаннай дьайыы хонутуугар хорсун быһыыга уонна дьоруойдуу буолууга дьулуһаллар. Десантниктар холобурга ылыллар хорсуннарын уонна бэриниилээх буолууларын көрдөрөллөр. Саха сирин салалтата уонна олохтоохторо эһиги хорсун быһыыгытын, дойду көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун ситиһиитигэр хоодуот быһыыгытын үрдүктүк сыаналыыллар. Эһиги мэлдьи Саха сирин олохтоохторугар көмөлөрүгэр уонна өйөбүллэригэр эрэниэххитин сөп», — диэтэ Кирилл Бычков.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ байыастарга тутарыллыбыт тиэхиньикэ байыаннай соруктарын өссө көдьүүстээхтик толорорго уонна эбии куттал суох буолуутун хааччыйарыгар эрэлин биллэрдэ.

Санатан эттэххэ, Саха сирэ байыастарга көмөнү быыстала суох тэрийэн, РФ Сэбилэниилээх күүстэрин байыаннай чаастарыгар үрдүк технологиялаах уонна ирдэнэр тиэхиньикэни ыытар. Бу үлэ Саха сирин Ил Дархан Айсен Николаев болҕомтотун киинигэр сылдьар.

This post was published on 07.08.2024 10:17 10:17