“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньуу ыытыллыахтаах бары эбийиэктэрин бэлэмнээһин сүрүннээн көхтөөх кэрдиискэ сылдьар.
Бу туһунан Ил Дархан сорудаҕынан Оонньууларга сыһыарыллыахтаах Дьокуускай куорат успуорка бөдөҥ эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээһин кэнниттэн, Бырабыыталыстыба бэрэссэдэтээлэ Кирилл Бычков иһитиннэрдэ.
“Азия оҕолоро” сайыҥҥы ахсыс оонньуулар, Арассыыйаҕа бу сылга норуоттар икки ардыларынааҕы успуорка бөдөҥ тэрээһининэн биллиэҕэ. Оонньуу бары өттүнэн рекордтаах буолуоҕа. Күрэхтэһии успуорт 24 көрүҥэр ыытыллыаҕа, 224 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа. Үгүс дойдулартан уонна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн 2 тыһ. кэриҥэ эдэр спортсмен кыттара күүтүллэр. Күрэхтэһии ыытыллыахтаах 16 успуорт эбийиэгэр бэлэмнэнии барар. Ол иһигэр Сайсарыга элбэх хайысхалаах успуорт саалата уонна Хатас сэлиэнньэтигэр успуор комплекса тутулла тураллар. Оонньууну көрсө куораппыт уларыйыахтаах. Дьокуускай ыалдьыттары ыраастык, чэчирээн, кырасыабайдык көрсүөхтээх!”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) Анал этиитигэр бэлиэтээн турар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков “Дохсун”, “Модун” усупорт комплекстарга, “Эллэй Боотур” дыбарыаска, “Чолбон” бассейҥҥа, “Кыайыы 50 сыла” успуорт дыбарыаһыгар уонна “Өрөгөй” спортсменнары бэлэмниир кииҥҥэ өрөмүөн хаамыытын билистэ.
Кирилл Бычков этэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ былааннаммыт бары үлэлэр уопсайынан түмүктэммиттэр. Кыра хаалыы баар эрээри, уопсай кыраапыкка дьайбаттар диэн бэлиэтээтэ.
“Кыһын устата инженернэй ситими, успуорт эбийиэктэрин араас коммуникацияларын уларыттылар. Бүгүн сорох болдьохторун көннөрөн биэрдибит, бэдэрээтчиттэр косметическай өрөмүөнү саҕалыахтара. Куорат олохтоохторугар табыгастаах буоларын, эбийиэктэр успуордунан дьарыктанарга туһаныллалларын туһугар барыта биир кэмҥэ ыытыллыбат. Тохсунньуга кырааскалааһына, муостатын уларытыы уонна ис өттүнээҕи үрдүн таҥыыны, уотун-күөһүн бүтэриэхтэрэ”, — диэн Кирилл Бычков иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар Дьокуускай куоракка бу сыл бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата, суруйда «Саха сирэ» сайт.
This post was published on 10.01.2024 15:33 15:33