Кириитик Рыкунов саҥа кинигэтэ ахтыы киэһэҕэ сүрэхтэннэ

Алтынньы 19 күнүгэр, Национальнай библиотека историческай саалыгар, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун уонна доҕотторун көҕүлээһининэн, эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыт Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, литературнай кириитик, телесуруналыыс Николай Рыкунов «Үтүө үгэстэри тирэх оҥостон…» кинигэтин сүрэхтэниитэ уонна истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ буолан ааста.


Киирии тыл саха норуодунай суруйааччытыгар Сэмэн Тумакка бэрилиннэ. Онтон утуу-субуу тыл этээччилэр: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов, суруйааччылар – Урсун, Харысхал, «Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ Уйбаан Ойуур, ХИФУ преподавателлэрэ – Варвара Окорокова, Людмила Григорьева, куратора Матрена Попова, Гуманитарнай чинчийии институтуттан Лидия Романова, Ойуунускай аатынан музей научнай үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева, «Саха» НКИХ телесуруналыыс Евдокия Избекова, «Арчы Дьиэтин» дириэктэрэ Валентина Бочонина, Ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын, Культура уонна духуобунай сайдыы министерстволарын бэрэстэбиитэллэрэ, доҕотторо – Ил Түмэн дьокутаата Алексей Еремеев, СӨ Идэтийбит үөрэхтээһинин уонна кадрдары аттаран туруоруу миниистирин солбуйааччы Гаврил Семенов, төрөөбүт нэһилиэгин баһылыга Алексей Зырянов, биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ куруутун билиигэ-көрүүгэ, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар сүрдээх үлэһит, эйэҕэс-сайаҕас Николай Рыкунов литературнай кириитик буолар соругун ситиспитин бэлиэтээтилэр уонна кэнэҕэскитин да аата ааттана турарыгар эрэнэллэрин биллэрдилэр.

Өссө айымньыларын кинигэтин бэчээттээн таһаарарга этии киллэрдилэр.
Николай Рыкунов балта Александра, убайа Дмитрий, кэргэнэ Екатерина кинигэ биһирэмигэр кытыннылар. Биир дойдулаахтара Нам улууһунааҕы киин библиотека тэрийиитинэн, алтынньы 26 күнүгэр Николай Рыкуновка аналлаах ахтыы биэчэрэ буоларын туһунан иһитиннэрдилэр.

This post was published on 21.10.2016 12:33 12:33