Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр “ЭКО” (Эрчимнээх, Көхтөөх Оҕолор) диэн чэбдигирдэр, кыраайы үөрэтэр лааҕыр үлэлээн эрэр.
Оҕолор күн аайы бөһүөлэк тулатыгар похуоттууллар, сир-дойду историятын үөрэтэллэр, чинчийэллэр, күһүн дакылаат суруйалларыгар матырыйаал хомуйаллар. Төрөөбүт дойду историятын үөрэтэргэ кылгас документальнай киинэлэри устуохтаахтар. Ол чэрчитинэн, кырдьаҕастары кытары кэпсэтэн, ахтыы хомуйаллар. Оҕолор хомуйбут матырыйааллара кинигэҕэ киирэллэр, кыраайы үөрэтэр мусуойга хараллаллар.
“Лааҕыр иһинэн “ЭКО”, “Сэрии сылын оҕолоро”, “Сэрии кэмигэр Кэмпэндээйигэ үлэлээбиттэр, хаайыллыбыттар” диэн бырайыактары үлэлэтэбит. Бу бырайыак чэрчитинэн, соторутааҕыта Кыайыы пааматынньыгын сөргүттүбүт, ыскамыайка туруордубут, сибэкки олортубут. Сайын устата бу сибэккилэрин көрүөхтэрэ-харайыахтара.
Лааҕырга 5-с, 6-с, 7-с кылаас оҕолоро сылдьаллар. “Биһиги “ЭКО”-вецтарбыт!” диэн киэн тутта этэллэрин үөрэ истэбин”, — диэн кэпсиир Кириэстээх орто оскуолатын учуутала Маргарита Жиркова.
Бу курдук оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.