«Кириэстээх» кээпэрэтиип сайыҥҥы үлэтэ саҕаланна

Сунтаарга быйыл хаһааҥҥытааҕар да эрдэ сайылыкка көһүү саҕаланна. Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр-көстөр үрдүк таһаарыылаах үлэлээх «Кириэстээх» ТХПК Бырабылыанньатын уонна Кэтээн көрөр Сэбиэтин  уочараттаах мунньаҕа буолан ааспыта.


Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны эрдэлээн сайылыкка көһүү саҕаламмытынан, «Кириэстээх» хаһаайыстыба кылаабынай зоотехнига Августина Трифонова күөххэ сүөһүлэри тыырталаан таһаарааһын туһунан иһитиннэрдэ. Быйыл Быйагыга, Сэрии Киирбиккэ барыта 400-чэ төбө сайылыы тахсыахтаах. Былаан быһыытынан ыам ыйын 20 күнүгэр Бүөр Күөлгэ, ыам ыйын 22 күнүгэр Күкүөһэйгэ, ыам ыйын 23 күнүгэр Бордоҥ сайылыгар көһүү буолуохтааҕа этилиннэ. Салгыы күн-дьыл туругуттан көрөн Бүөр Күөлгэ уонна Юбилейнайга ньирэйдэри туспа графигынан көһөртөөһүн былаана бигэргэннэ.

Куокуну уонна Кириэстээх отделениелара барыта 6 сайылыгынан олорон үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдүүгэ, ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ үлэлиэхтэрэ. Уопсайынан кээпэрэтиип бары үлэһиттэрэ: ыанньыксыттар, ньирэй көрөөччүлэр, бостууктар, суоппардар Улуу Кыайыы 75 сылын чиэһигэр ылыммыт 150 үрдүк таһаарыылаах  охсуулаах үлэ күннэрин  былааннарын толорууга күүскэ ылсыахтара.

Салгыы кээпэрэтиип салайааччыта Владимир Егоров сайылыктарга көһүүгэ бэлэмнэнии үлэлэр, субуотунньуктар ыытыллыыларын хаамыытын тустарынан отделениелар управляющайдарын отчуоттатта. Кириэстээх отделеиетын управляющайа Кирилл Данилов, Куокуну отделеиетын управляющайа Николай Михайлов отчуоттара истилиннэ. Ол түмүгүнэн  Бүөр Күөлгэ саҥа тутуллубут титииккэ уот ситимин тардыы, күрүөлэри ситэрии, Бордоҥ сайылыгар саҥа тутуллубут дьиэлэри кырааскалааһын, эргэ титииктэри көтүрүү, ыраастааһын үлэлэригэр кээпэрэтиип бары чилиэннэрин көхтөөх кыттыыларынан тэрээһиннээхтик бара тураллара сөптөөҕө уонна салгыы итинник тэтими ыһыктыбат наадата бэлиэтэннэ.

Быйылгы ыһыы үлэтин туһунан хаһаайыстыба кылаабынай огурунуома Сардаана Иванова билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, быйыл саас өр сыллаах оту 259 гектарга, эбиэһи 220, ньэчимиэни 150, кормовой култуураны 950 гектарга ыһыахтаахтар. Ону тэҥэ 500 гектар сир паарданыахтаах. Салайааччы Владимир Семенович хаһаайыстыба бу күннэргэ тиэхиньикэ өттүгэр аҕыйах сиппэтэх итэҕэһин-быһаҕаһын туораттахха, ыһыыга толору бэлэмин этэр. Ыһыыны көхтөөхтүк болдьоҕор ыытыы – бу кэлэр сыл кыстыгар улахан оруоллаах диэн тоһоҕолоон этэн туран, ыһыыны күн-дьыл турарынан кылгас болдьоххо ыытарга этэр. Ол да курдук, Куокуну аатырбыт Улахан Табаҕатыгар бу ыам ыйын 15 күнүгэр ыһыы үлэтэ саҕаланна.

This post was published on 21.05.2020 17:03 17:03