Кириэстээх хаһаайыстыбатыгар Россельхознадзор тэрилтэтин исписэлиистэрэ үлэлээтилэр

Хаартыска: Саха НКИХ

Кириэстээх хаһаайыстыбата быйыл 1400 галаах сиргэ үүнээйи араас көрүҥүн үүннэрэн сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээн таһаарыаҕа. Бу кыра Табаҕа буолатыгар ыһыллыбыт эбиэс тас дьүһүнүттэн көрдөххө хаачыстыбата, репродукцията үчүгэй диэн специалистар быһаардылар. Ол эрээри анаалыска ылыллыбыт боруобаны Иркутскайга ыытан анал лабораторияҕа чинчийэн түмүгү оҥоруохтара.

Ыарыы, үөн-көйүүр, сыыс от сутуйбатын курдук сири кэмигэр паардаан, сынньатан, ыраас сиэмэни туһанан өлгөм, хаачыстыбалаах үүнүүнү ылыахха сөп, суруйда «Саха» НКИХ.

This post was published on 25.07.2024 12:01 12:01