Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр элбэх социальнай тутуу уонна ыаллар дьиэлэрэ кэннэки сылларга сааскы халаан уутугар эбии сайыҥҥы дохсун ардахтар эбиллэннэр ууга барар буоллулар.
Ол курдук тутуулар Эбэ алааһыгар урукку күөл оннугар тураллар. 30 – тан тахса дьиэ уһаайбатыгар, дьиэлэргэ, хотоннорго, гаражтарга уу киирэр.
Ыам ыйыгар бу кыһалҕаны билсэ Саха сирин Правительствотын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова кэлэ сылдьыбыта. Ол түмүгэр ууну түһэрэр үлэлэри ыытарга анаан анал хамыыһыйа тэриллибитэ. Бу күннэргэ хамыыһыйа салайааччыта, СР олоххо куттал суох буолуутун хааччыйыы судаарыстыбаннай комитетын бэрэссэдээтэлин 1-кы солб. Дмитрий Лепчиков, СР Ууга сыһыаннаһыыларга департаменын салайааччыта Гаврил Слободчиков уонна специалистар Кириэс Халдьаайыга кэлэн улуус баһылыга Георгий Герасимовы уонна нэһилиэк баһылыга Яков Степановы кытта ууну түһэрэр үлэлэри былаанныыры, бырайыактыыры кэпсэттилэр, быһаарыстылар, сэлиэнньэ сирин-уотун сирийэн көрдүлэр. Инженер-мелиоратор Еремей Семенов Байаҕантай нэһилиэгин специалиһа Павел Бурцевы кытта уу ыытыллыахтаах сирдэрин анал приборунан мээрэйдээтилэр.
Гаврил Слободчиков, СР Ууга сыһыаннаһыыларга департаменын салайааччыта:
— Биһиги Дмитрий Николаевичтыын Саха сирин Правительствотын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикованы кытта кэлэ сылдьыбыппыт. Сорудахпыт ууну түһэрэр үлэни тэрийии. Икки суол баар. Бастакыта үрэххэ дылы хоруу хаһыы. Ол эрээри манна кэккэ мэһэйдэр бааллар. Ол курдук дьиэ-уот мэһэйдиир. 2 км уһуннаах сорох сиринэн 4 м дириҥнээх хорууну биһиги ирбэт тоҥмутугар хаһыы чэпчэкитэ суох үлэ. Массыына суолун быһа охсор сирдэригэр муоста тутуохха эбэтэр улахан турбалары уурар эбии үлэ буолар. Итини барытын харчытыгар таһаардахха лаппа элбэх үп буларга тиийиллэр. Онуоха эбии өр кэмнээх буолан тахсар. Иккис суол: 2 км турба ситимин тардан, олохтоох электрическэй уот станциятын кыаҕын күүһүрдэн, улахан кыамталаах носуос холбоон ууну Алдан өрүскэ хачайдааһын. Кэннэки турбалары уонна носуоһу атын үлэҕэ туттуохха сөп. Биһиги билигин барыллааһын түмүгү оҥоробут, онтон анал үөрэхтээх специалистар дуогабарынан кэлэн сири-уоту, үрэх, өрүс уратыларын барытын үөрэтэн бырайыактыыр үлэлэри ыыттахтарына үп-харчы булары быһаарыахпыт. Нэһилиэк уонна улуус дьаһалталара утары үп угуохтара.