Кириэс Халдьаайы нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар

Быйыл Томпо улууһугар муниципальнай тэриллиилэр тупсарыы үлэтин ыыталларыгар аналлаах республиканскай куонкуруска Томпо улууһуттан үс муниципальнай тэриллии кыттан кыайыылаах тахсыбыта.


Ыам ыйыгар ОДьКХ министерствотын кытта баһылыктар сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара, 4,5 мөлүйүөн харчыны ылбыттара. Билигин эрдэ былааннаммытын курдук муниципальнай тэриллиилэргэ үлэ ыытыллар. Байаҕантай нэһилиэгэр бастатан туран Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр киин уулуссаҕа 1400 тыһыынча харчыга 450 метр усталаах сиргэ бетон тротуар оҥоруохтара. Эргэ дьиэлэри көтүрүүгэ 500 тыһыынча солкуобай көрүллэр. Хаһыс да сылын уулуссаларга уоту кэмчилиир лаампалары ыйыыр үлэ ыытыллар. Былырыын икки уулуссаҕа саҥа лаампалары ыйаабыттара. Быйыл ити үлэ салгыы ыытыллыа. Сынньалаҥ пааркатын тула саҥа күрүө тутуллуо. Арыы Толоон уонна Ударник сэлиэнньэлэригэр 1375 тыһыынча солкуобайдаах оҕо площадкаларын туруоруохтара.

Харчы сороҕо Герой Федор Охлопков аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ ыытыллар үлэлэргэ туһаныллыа. Ол курдук мемориальнай комплексы саҥардыахтара, икки мемориальнай дуоска оҥотторуохтара, күрүө тутуохтара.

Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Яков Степанов:

— Нэһилиэк иһинээҕи суолларга болҕомто ууруллар. Киирбит харчы сороҕор сэлиэнньэлэр икки ардынааҕы суолга «Байаҕантай» МТС аппалары тэҥнээн буор, өрүс тааһа кута сылдьар. СӨ Суолга фондатыттан бэриллибит 328 тыһыынча солкуобайга уонна нэһилиэк утары үбүлээһиҥҥэ укпут 500 тыһыынча солкуобайыгар сэлиэнньэ иһинээҕи суоллары көннөрүөхтэрэ.

Быйыл Кириэс Халдьаайыттан суолга Алдан өрүһү паромунан туоруур сиргэ дылы хаалбыт 4,5 км учаастакка харчы көрүллүбүтэ. Туордаһыы түмүгэр кыайбыт тэрилтэ дуогабар быһыытынан икки сыл иһигэр суолу тутуохтаах, ол эрээри айылҕа туран биэрдэҕинэ, барыта этэҥҥэ буоллаҕына үлэ быйыл да бүтүөн сөп.

This post was published on 01.07.2016 18:38 18:38