Билигин Кириэс-Халдьаайыга 12 МВт кыамталаах хочуолунай үлэлии турар. Быйыл эргэ дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан үлэҕэ киириэхтээх саҥа элбэх кыбартыыралаах уонна чааһыйнай дьиэлэри саҥа хочуолунайга холбууру былаанныыллар диэн Ulus.media иһитиннэрэр.
Аҕыйах сыллааҕыта Кириэс-Халдьаайыга 12 МВт кыамталаах саҥа хочуолунай үлэҕэ киллэриллибитэ. Тыа сирин олоҕун тупсарарар сыаллаах чааһынай дьиэлэри киин оттук ситимигэр холбууллар. Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү федеральнай бырагырааманан саҥа таас элбэх кыбартыыралаах дьиэни туттулар, үлэҕэ киллэрдилэр. Өссө икки оннук дьиэ тутуллара былааннанар. Итинэн сибээстээн, 8 МВт кыамталаах саҥа хочуолунайы тутар буоллулар. Үлэ 2022 сылга саҕаланар, оттон 2023 сылга түмүктэниэҕэ.
Кириэс-Халдьаайы Байаҕантай нэһилиэгэр, Ары-Толоҥҥо уонна Ударникка сылааһынан үс хочуолунай хааччыйар. Олох- дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын учаастагар 36 киһи үлэлиир, кинилэр ортолоругар хачыгаардар, оператордар, слесардар. Кыһыҥҥы суолунан чох саппааһа толору тиэрдиллибитэ. Билигин оттук сезона бүтэн эрэр.
This post was published on 17.05.2022 16:01 16:01