Кириэмил харыйатын бастакытын тэлэбиисэринэн көрдөрүөхтэрэ

Быйыл пандемиянан сибээстээн Кириэмил харыйатын дойду оҕото бары көрөр кыахтанна. Остуоруйа киэһэтин бастакытын ахсынньы 31 күнүгэр тэлэбиисэринэн «Карусель» ханаалга көрдөрүөхтэрэ.


«Арассыыйа мөлүйүөнүнэн олохтооҕо Кириэмил дыбарыаһыттан дойду биир бастыҥ тэрээһинин илэ көрүө», — диир Кириэмил дыбарыаһын генеральнай директора Пётр Шаболтай.

«Испиктээкил аныгылыы тутуллаах: үгэс уонна инновация ситимнэрэ, устуоруйа кэрэһиттэрэ, интэриэһинэй чахчылар, кинигэ суолтатын туһунан кэпсэниэ. Пьесаны дьиэ кэргэн бары сөбүлээн, таттаран көрүө диэн эрэнэбин», — диир «Карусель» телеханаал кылаабынай эрэдээктэрэ Татьяна Цыварева.

Кириэмил Харыйата үйэ аҥарыттан ордук кэм устата сыллата ыытыллар дойду биир бөдөҥ тэрээһинэ. 1963 сыллаахтан Судаарыстыбаннай Кириэмил дыбарыаһыгар ыытыллар. Саҥа дьыллааҕы аптаах испиктээҕи көрөөрү сыллата дойду араас эрэгийиэннэриттэн, тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэриттэн сүүһүнэн тыһыынча оҕо мустара.

Биэрии буолар кэмин манна көр https://www.karusel-tv.ru/. 

This post was published on 29.12.2020 10:01 10:01