Футболга киргиистэр сүүмэрдэммит хамаандалара Саха сирин хамаандатын бастакы таймҥа 3:0 ахсаанынан хотто. Өрөспүүбүлүкэ хамаандатын ыалдьааччылара кыайтарыыны сылайыыны, сыра-сылба бараныытын кытта ыкса ситимнииллэр.
«Биһиги спортсменнарбытын кыратык да сынньата түспэтилэр. Бэҕэһээ эрэ матчка тахсыбыттара уонна кыайбыттара, бүгүн эмиэ футбол хонуутугар таҕыстылар. Идэтийбит футболистар күүстээх оонньуу кэнниттэн нэдиэлэ устата сынньаналлар, күүстэрин-уохтарын чөлүгэр түһэрэллэр эбээт… Кыргызстан хамаандата олус түргэнник кыайбытыттан биллэн турар, хомойдубут. Чэ, буоллун! Аныгыскы күрэхтэһиилэргэ булгуччу кыайыахпыт», — диир Игорь Васильев.
Оонньуу саҕаламмыта иккис мүнүүтэтигэр Саха сирин боруотатыгар бастакы гол киирдэ. Хонуу хаһаайыттара күрдьүөттэһэн көрдүлэр да, ол сатаммата.
Оонньуу 33 мүнүүтэтигэр Азирет Мамошев боруотаҕа киллэрбит мээчигэ ахсааны 3:0 оҥордо. Олохтоох хамаанда спортсмена тэппит мээчигэ боруотаны көмүскээччи атаҕар кэлэн түстэ.
Аныгыскы футбол «Юность» стадиоҥҥа от ыйын 12 күнүгэр 17.00. чааска ыытыллар. Сибиир уонна Япония бастыҥнара күөн көрсүөхтэрэ.
This post was published on 12.07.2016 16:22 16:22