23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Кирэдьиит төлөбүрүн кыччатар кыахтанныбыт

11:25, 15 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Баантан табыгастаах усулуобуйаҕа кирэдьиит ылан, улахан бырыһыаҥҥа ылбыт иэстэн-күүстэн төлөрүйүөххэ сөбүн туһунан «Россельхозбаан» исписэлиистэрэ этэллэр. Билигин үгүс дьон «Россельхозбаан» «Рефинансирование»диэн анал бырагырааматынан хамаҕатык туһанан, кирэдьиит төлөбүрүн төһө эмит намтаттылар.


Рефинансирование диэн тугуй?

Бу сырыыга «Рефинансирование» бырагырааматын туһунан сиһилии суруйарга сананным. Билиҥҥи үйэҕэ киһи эрэ барыта кирэдьиитэ суох сатаан олорбот. Чугас дьоҥҥуттан, биитэр аймахтаргыттан харчыны иэс ылыахтааҕар, баантан кирэдьиит ылбыт быдан ордук. Аймахтаргар харчыгын кэмигэр төнүннэрбэтэххэ, олох даҕаны атырдьах салаатыныы арахсыаххытын да сөп.

Билигин баан ахсаана элбээн уонна кирэдьиити хото биэрэр буоланнар, килийиэн бэйэтигэр табыгастаах усулуобуйаны талар кыахтанна. Өссө ону ааһан, бааннар дьоҥҥо утары баран, арыый да кыра бырыһыаннаах кирэдьиити биэрэр буоллулар. Холобур, «Россельхозбаан» «Рефинансирование» диэн бырагырааманы олоххо киллэрэн, үгүс киһи улахан бырыһыаннаах кирэдьиит хабалатыттан тахсан эрэр. Ол курдук, рефинансирование ньыматынан баантан арыый даҕаны кыра бырыһыаҥҥа кирэдьиит ылан, атын бааҥҥа баар иэстэрин төлүүр кыахтаннылар.

Төлөбүр ньымата: дифференцированнай уонна аннуитетнай

«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеев кэпсииринэн, потребительскэй кирэдьииттээһин салаатыгар «Рефинансирование» бырагырааматынан Саха сирин олохтоохторо хото туһанар буолбуттар. «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бырыһыан ставкатын уонна ыйдааҕы төлөбүр сууматын намтатар сыалтан, «Россельхозбааҥҥа» кыра бырыһыаннаах кирэдьиит оҥорторон, урукку иэстэрин сабар буоллулар. «Рефинансирование» бырагырааматынан туһанааччыларга кирэдьиити биэриигэ комиссия көрүллүбэт. Маны таһынан, кирэдьиит оҥорторорго «созаемщик» кыттыһыннарыаххын, төлөбүр ньыматын талыаххын сөп. Бары билэрбитинэн, кирэдьиит төлөөһүнүгэр икки хайысха баар: дифференцированнай уонна аннуитетнай. Дифференцированнайга ый аайы төлүөхтээх суума кыччаан иһэр. Оттон аннуитетнайга ый аайы ыйыллыбыт сууманы төлүүгүн. Ити биирэ. Иккиһинэн, «Россельхозбаан» нөҥүө хамнас ылар дьон, эрэллээх килийиэннэр уонна бүддьүөт үлэһиттэрэ чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа кирэдьиит оҥорторор кыахтаахтар», – диэтэ тустаах салайааччы.

Баан бырыһыан ставкатын түһэрдэ

«Рефинансирование потребительских кредитов» диэн бырагыраамаҕа «Россельхозбаан» бырыһыан ставкатын түһэрбит. Онон килийиэннэр 12,9% саҕалаан 15%-ҥа* диэри кирэдьиит ылыахтарын сөп. Ставка кээмэйэ кирэдьиит болдьоҕуттан тутулуктаах.

Баан нөҥүө хамнас ылар, итиэннэ эрэллээх килийиэннэр уонна бүддьүөт үлэһиттэригэр, биир сыл болдьохтоох иэс – 12,9%*, оттон 1-5 сылга диэри – 14,4%* бэриллэр. Мантан атын килийиэннэргэ бырыһыан сыллааҕы ставката – 13,5% уонна 15,0%* тэҥнэһэр.

1 мөл. солкуобайга диэри

Кирэдьиит 10 тыһ. солк. саҕалаан 1 мөл. солк. диэри бэриллиэн сѳп. Иэс кээмэйэ солуоктан, мэктиэлиир киһигиттэн тутулуктаах уонна урукку кирэдьиитиҥ кээмэйиттэн улаатыа суохтаах.

Иккиһинэн, атын баантан ылыллыбыт кирэдьиит солуога уонна мэктиэлээччитэ суох бэриллибит буоллаҕына, «Рефинансирование» бырагыраамаҕа кыттааччыттан мэктиэлээччи ирдэниллибэт. Үсүһүнэн, урут ылбыт кирэдьиитиҥ болдьоҕо 12 ыйтан ааспыт буолуохтаах.

«Рефинансирование» бырагырааматыгар кыттыан баҕалаахтар «Россельхозбаан» аатыгар сайабылыанньа суруйуохтаахтар уонна докумуоннарын аҕалыахтаахтар.

Судургутук быһаардахха…

Оскуола учуутала Арылхан Сивцев былырыын кыбартыыратын өрөмүөннээри баантан 27,5% бырыһыаҥҥа кирэдьиит ылбыт. Биэс сыл болдьохтоон 700 000 солкуобайы. Ыйдааҕы төлөбүрэ – 21500 солкуобай. Бүгүҥҥү туругунан, иэһин сүрүн тобоҕо – 631 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Арылхан «Рефинансирование» бырагырааматын туһунан истэн, «Россельхозбаан» исписэлиистэригэр сүбэлэттэрэ барар. Онуоха, исписэлиистэр хаалбыт түөрт сыл иһигэр кирэдьиитин төлөбүрэ ортотунан икки бүк үрдүөҕүн, ол эбэтэр эбии 595 тыһ. солк. төлүүрүн туһунан быһааран биэрэллэр. Оттон рефинансирование ньыматынан «Россельхозбаантан» 14,4%*-ҥа хос кирэдьиит ыллаҕына, ыйдааҕы төлөбүрэ намтаан, 17 300 солк. тэҥнэһиэҕэ. Түөрт сыл иһигэр эбии төлөбүрэ баара-суоҕа 206 тыһ. солк. буолар. Инньэ гынан, Арылхан 389 тыһ. солк. кэмчилиир кыахтаах.


«Рефинансирование» бырагырааматын туһунан сиһилии иһитиннэриини «Россельхозбаан» Дьокуускай куоракка баар салаатыттан (Пушкин уул., 12 №-дээх, Ярославскай уул., 19 №-дээх) уонна өрөспүүбүлүкэ 14 улуустарыгар баар офистарыттан билсиҥ (билсэр төл.: 402-132, 8 (800) 200 0290 (Россия иһигэр кэпсэтии босхо).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА