Муус устар 23 күнүгэр Кинигэ күнэ аан дойду таһымыгар сылын аайы бэлиэтэнэр. Ити бэлиэ күн чэрчитинэн Сэмэн Ноҕоруодап аатынан «Бичик» кинигэ кыһата кэрэхсэбиллээх элбэх тэрээһиннэры иилээн-саҕалаан, үүннээн-тэһииннээн ыытта.
Тэрилтэ дириэктэрэ Август Егоров ССРС, Арассыыйаҕа, Саха сирин суруйааччыларыгар, литертураҕа, кинигэҕэ, ааҕыыга, оскуола үбүлүөйдэригэр, кинигэни сөбүлээччилэргэ, «Бичик» кинигэ кыһатыгар, мусуойдарга, тыйаатырдарга, институттарга анаммыт значоктары муспут баай коллекциялата маҕаһыын долбууругар уурулунна. Манна уопсайа 300-тэн тахса араас значок баара болҕомтону улаханнык тардар. Экспозиция муус устар 30 күнүгэр диэри турар. Итини таһынан, былыргы кинигэлэр быыстапкалара ааҕааччыларга тардылынна.
Норуодунай суруйааччылар Николай Лугинов, Сэмэн Тумат, Иван Мигалкин, суруйааччылар Айсен Дойду, Василий Егоров – Тумарча, Александр Постников, Данил Макеев, Виктория Габышева, Галина Нельбисова, Айталина Никифорова, Виктор Марщинцев, Афанасий Николаев, Николай Стручков, Уйбаан-Ойуур, уо.д.а автограф-сессияҕа кытыннылар. Бу күн ааҕыыны биһирээччилэр сөбүлүүр суруйааччылара илии баттаабыт кинигэлэрин атыыластылар. Эмиэ бу дьоро күн иитинэн «Бичик” кинигэ кыһата «Үтүө санаа долбуурун” оҥордо. Манна оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах эҥин-эгэлгэ кинигэ хомуллубута медицина киинигэр эмтэнэр онко-ыарыһах оҕолорго уонна кырдьаҕастар дьиэлэригэр бэриллиэхтэрэ. Тэрилтэ үлэһиттэрэ да, атыылаһааччылар да аһымал акциятыгар көхтөөхтүк кытыннылар. Маны таһынан, ааҕааччылар «Бичик» бастыҥ кинигэтин таллылар.
Эмиэ бу күн чэрчитинэн «Сааскы нуурал киэһэҕэ» тыыннаах музыканан ырыа-тойук түһүлгэтигэр «Саха ырыатын антологията» кинигэҕэ киирбит биллиилээх ырыа айааччылар, дьон-сэргэ кутун туппут ырыаһыттар Клавдия, Герман Хатылаевтар, Куприян Михайлов, Степан Васильев, Юрий Сивцев, Владимир Колтовской, ырыаһыт Людмила Леонтьева оччоттон-баччаҕа диэри уостан түспэккэ, сүрэххэ-дууһаҕа сөҥөн сылдьар ырыалара дьыл-хонук уорҕатын уҥуордаан үгүстэри эдэр саастарыгар эргиттилэр. Бу икки томунан тахсыбыт кинигэ күн сирин көрүүтэ, киэҥ эйгэҕэ тарҕанара — Сахабыт сирин олоҕор, култууратыгар бэлиэ түгэн буолбута чахчы. «Саха ырыатын антологията» кинигэлэргэ норуот таптыыр ырыалара ноталаах бэриллэллэр.
Кинигэ аан дойдутааҕы күнүгэр сыһыары тутуллан ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ «Ырыа куттаах оҕо саас» мультимедийнай ырыанньык караоке дискэлээх кэмпилиэгин (Хомуйан оҥорооччу Н.Д.Стручков) тула истиҥ ырытыы буолла. Кэмпилиэккэ оҕо сөбүлүүр 50 ырыата баар. Дискэҕэ оҕо куолаһыгар дьүөрэлээн оркестыры уонна виртуальнай пианиноны салайыахха сөп.
Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх национальнай политехническай уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 2 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Елена Федорова) дискэҕэ киирбит ырыалары толоруулара болҕомто үөһүгэр буолла.
«Бичик» кинигэ кыһата
This post was published on 27.04.2017 19:01 19:01