Өлүөхүмэ улууһун Киндигиригэр сылын аайы сэтинньигэ сугуннууллар. Ол үгэс быйыл эмиэ буолла.
Киндигиргэ хаар, оттон дьон ойуурга сугун хомуйар диэн суруйда «Олекма» хаһыат.
«Биллэн турар ойуурга тоҥуу хаары тэпсэн хаама сылдьар ыарахан гынан баран, ол аахсыллыбат. Билигин хомуллубут сугун, айахха киирэн ууллар минньигэс. Быйылгы сэтинньи өрөбүллэрэ дьону сугунунан байылыаттык күндүлээтэ», — диэн суруллар сонуҥҥа.
This post was published on 07.11.2022 16:33 16:33