Кимнээх болдьохторун иннинэ биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөбүй?

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи саастаахтарга киирсэр, үлэтэ суох 54-тэн үөһэ саастаахтар биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп диэн РИА Новости РАНХиГС бэрэсидьиэн академиятын эспиэрэ Татьянская Подольская этиитигэр сигэнэн суруйар, бэлиэтээтэ Саха сирэ саайт.

“Саастарынан болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ үлэтэ суох, биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи саастаах (предпенсионеры), өскөтүн дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турбут эрээри үлэ булбатах дьон – 54-тэн үөһэ саастаах дьахталлар итиэннэ 59-тан үөһэ саастаах эр дьон тахсыахтарын сөп” – диэн Подольская эппит.

Кинилэри таһынан буортулааах тэрилтэҕэ үлэлиир дьон болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар диэн эбэн эппит: дьахталлар – 45 саастарыгар, эр дьон – 50 саастарыгар.

Подольская этэринэн, 37-тэн кырата суох страховой ыстаастаах дьахталлар уонна 42-тэн аҕыйаҕа суох ыстаастаах эр дьон эмиэ итинник бырааптаахтар. Итини сэргэ 25 сыл үлэлээбиттэр – ити кэнниттэн 5 сылынан педагогтар, артыыстар, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ болдьох иннинэ биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар. Салгыы РИА Новости киирэн ааҕыҥ.

This post was published on 27.02.2026 16:09 16:09