Килэҥки бөһүөлэгин Кэрэхтээх түөлбэтигэр бойобуой дьайыы бэтэрээнин аата иҥэрилиннэ

Хаартыска: Саҥа олох хаһыат

Килэҥки бөһүөлэгин Кэрэхтээх түөлбэтигэр бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Илья Владимиров аатын иҥэрэр туһунан уураах таҕыста.

Хаартыска: Саҥа олох хаһыат

Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр Кытаанах нэһилиэгин дьокутааттарын уочараттаах сиэссийэлэрэ үлэлээтэ. Манна Килэҥки бөһүөлэгин Кэрэхтээх түөлбэтигэр бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Илья Владимиров аатын иҥэрэр туһунан уураах таҕыста.

«Уолбут, оҕобут сырдык аата үйэтитиллэн итинник быһарыныыны ылынныбыт. Эдэр саллаат аатынан аныгы оҥоһуулаах саҥа түөлбэ үөскүөҕэ, эргэ тутуулары көтүрэн, ыраастааһын үлэтэ мантан саас ыытыллара былааннанар» — диэн нэһилиэк баһылыга Егор Потапов кэпсээтэ, суруйда @sanaoloh

This post was published on 11.12.2023 11:01 11:01