Дьокуускайга буолар кикбоксиҥҥа аан дойду чемпионатыгар кыттар Россия сүүмэрдэммит хамаандатын талыахтара. WAKA официальнай бэрэстэбиитэлэ Виктория Украинцева эппитинэн, аан дойду чемпионатыгар спортсменнар АХШ Бүтүн аан дойдутааҕы оонньууларга кыттар путевка иһин киирсиэхтэрэ, суруйар СИА.
«Быйыл Федерация аан дойду чемпионатын бары дисциплинатыгар Москваҕа ыытарга былааннаммыта, ити эрээри ону тохтоппута. Бу нэдиэлэҕэ 2021 сыллааҕы чемпионаты ханнык дойду ыытара быһаарыллыаҕа. Хас да дойду сайаапка киллэрдэ — Италия, АХШ, Словакия, Босния уонна ОАЭ. Онон чуолаан Дьокуускайдааҕы чемпионакка аан дойдуга барыыга Россия хамаандата сүүмэрдэниэҕэ. Спортсменнарга олус суолталаах, аан дойдутааҕы чемпионакка 2022 сылга АХШ-гар буолар Бүтүн аан дойдутааҕы оонньууларга путевка иһин киирсиэхтэрэ. Онон Россия чемпионатыгар күүскэ бэлэмнэммит спортсменнартан күүстээх хамаанда хомулларыгар эрэллээхпит, кинилэр бастаан аан дойду чемпионатыгар, онтон Бүтүн аан дойдутааҕы оонньууларга Россия чиэһин көмүскүөхтэрэ», — диэтэ Виктория Украинцева.
Кикбоксиҥҥа Россия чемпионата бүгүн, муус сустар 6 күнүгэр, «Триумф» спорткомплекска стартаата. 380 спортсмен дойду 40 регионуттан кыттар.
This post was published on 06.04.2021 18:01 18:01