25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Кикбоксер Иннокентий Макаровка анаммыт турнир аан бастаан ыытыллыаҕа

16:26, 03 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Триумф» спорткомплекска ахсынньы 5-6 күннэригэр аан дойду үс төгүллээх чемпиона Иннокентий Макаров сырдык аатыгар аан бастаан кикбоксаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир буолуоҕа. Рингэҕэ Саха сирин улуустарыттан, куораттарыттан уолаттар кыттыыны ылыахтара.


«Биһиги Иннокентий Макаров доҕотторо турниры тэрийэргэ быһаарынныбыт. Кыттааччылар бааллар. Салгыы күрэхтэһии регионнар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсарыгар уонна кикбоксиҥҥа федерация халандаарыгар киллэриллэригэр эрэллээхпит. Рингэҕэ бу сырыыга фулл-контакт уонна лайт-контакт категориялары көрүөхпүт», — диэн СИА-ҕа турнир кылаабынай судьуйата уонна тэрийээччитэ Иван Колесов кэпсээтэ.

Нерюнгриттан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Намтан, Амматтан, Хаҥаластан, Жатайтан, Кангаласстан, Дьокуускайтан кыттарга баҕалаахтарын биллэрбиттэр. Саастарынан түөрт категорияҕа кикбоксердар рингэҕэ тахсыахтара – 2002 — 2009 төрүөхтэр.

Ахсынньы 4 күнүгэр ыйааһын, киирсии ахсынньы 6-гар былааннанар, ахсынньы 5 күнүгэр күнүс 12.000 чааска турниры өрөгөйдөөх арыйыы буолуоҕа.

Тэрийээччилэринэн өрөспүүбүлүкэ кикбоксиҥҥа федерациятын көҕүлээһининэн олимпийскай резервэ анал оскуолата уонна «Триумф» спортивнай киин буолаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА