Киис, кырса суола баар

Хаартыска0 Саха сирэ саайт

Экологияны судаарыстыбанан кэтээн көрүүгэ Аллайыаха улууһунааҕы иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ уонна ИДьО үлэһитэ бэҕэһээ уочараттаах рейдэттэн кэллилэр. Кинилэр сүрүн соруктарынан булт быраабылатын тутуһууну бэрэбиэркэлээһин этэ.

— Биһиги Оленегорскайынан киирэн, Аччыгый Эрчанан эргийэн, Егорка диэн учаастакка тиийэ сырыттыбыт. Онон эргийэн дьиэбитигэр Чокурдаахха төнүннүбүт. Туундараҕа  биир да булчуту көрсүбэтибит. Ол оннугар кырса, киис, хабдьы суолун көрдүбүт. Күн-дьыл туругун туһунан кэпсээтэххэ, күнүһүн күннээх этэ, киэһэтин балачча тымныйар. Хаар халыҥа быһа холуйан 40-50 см диэххэ сөп, — диэтэ госиниспиэктэр Семен Павлов.

С.Павлов хаартысканы ыытта
Хаартыскалары: С.Павлов ыытта, суруйда Саха сирэ саайт

This post was published on 20.03.2024 13:03 13:03