Киирии тыл суруйааччы кириитикэтин жанрын быһыытынан Семен Данилов айар үлэтигэр

Суруйааччы литературнай кириитикэҕэ кыттыыта үтүө үгэс быһыытынан бары литератураларга баар көстүү. Нуучча литературатын историята В.Г. Белинскэй, Н.Г. Чернышевскай, Н.А. Добролюбов, А.А.Григорьев, А.В. Дружинин, Н.К. Михайловскай о.д.а. критическэй үлэлэрэ суохтара буоллар тутах, ситэтэ суох буолуон сөп этэ. Оттон нуучча кириитикэтин историята улуу суруйааччылар А.С. Пушкин, Н.В. Гоголь, М.Е. Салтыков-Щедрин, Ф.М. Достоевкай, В.Г. Короленко о.д.а. ыстатыйалара суоҕа буоллар, эмиэ быһаҕас буолуо этэ.


Григорьева Людмила Павловна, ф.н.к.,

ХИФУ саха литературатын хаапыдыратын дассыана

Саха литературата саҥа атаҕар туран эрэр кэмигэр хара маҥнайгыттан суруйааччылар кириитикэҕэ олус дьаныардаахтык, күүскэ үлэлэһэн барбыттара. Литература туһунан ордук А.И. Софронов, П.А. Ойуунускай, Күндэ, Эллэй, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Николай Заболоцкай уо.д.а. суруйаллара. Кинилэр бэйэлэрин үлэлэринэн саха литературнай кириитикэтэ үөскүүрүгэр уонна сайдарыгар улаханнык көмөлөспүттэрэ. Суруйааччылар уус-уран литератураны ис-иһиттэн билэр буоланнар, биэрэр сүбэлэрэ-амалара, литератураҕа көрүүлэрэ олус наадалаах уонна туһалаах этэ.

Саха сиригэр критическэй өй-санаа сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын салгыы Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Семен, Софрон Даниловтар о.д.а. киллэрбиттэрэ. Кинилэр литературнай-критическэй үлэлэрин түмүгүнэн ХХ үйэ ортотугар тахсыбыт хомуурунньуктара буолбуттара – Суорун Омоллоон «Иһирэх тыл» (1974), Амма Аччыгыйа «Киһи уонна айымньы» (1975), Күннүк Уурастыырап «Хатаппын саҕабын» (1979), Софрон Данилов «Суруйааччылар уонна кинигэлэр» (1980), Николай Заболоцкай «Үйэ аҥарыгар» (1984), Семен Данилов «Поющие снега» (1986). Бу хомуурунньуктарга суруйааччылар араас сылларга хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэммит критическэй үлэлэрэ, суруйааччылар съезтэригэр, мунньахтарыгар, литературнай тэрээһиннэргэ эппит тыллара, дакылааттара уонна ахтыылара талыллан киирбиттэрэ. Онон ааҕааччы суруйааччы кириитикэҕэ кыттыытын, кини кириитикэтин билсэр кыахтаммыта. Манна сыһыаран саха литературнай кириитикэтин историятыгар суруйааччы кириитикэтэ биллэр-көстөр миэстэни ылар диир кыахтаахпыт. Саха суруйааччылара бэйэлэрин критическэй үлэлэринэн литература сайдар суолун, хайысхаларын торумнаспыттара саарбахтаммат.

Биһиги бу үлэбит сыала-соруга – суруйааччы кириитикэтин жанрдарын быһаарыы уонна Семен Данилов критическэй үлэлэригэр, чопчу киирии тыл жанрыгар суруллубут үлэлэригэр бэлиэтээһиннэри оҥоруу.

Суруйааччы кириитикэтин теоретическай уонна методологическай боппуруостара Б.И. Бурсов, Г.А. Стадников, В.В. Прозоров, С.П. Истратова, М.М. Голубков о.д.а. үлэлэригэр таарыллаллар. Суруйааччы кириитикэтин проблемаларын сырдатыыга анал хомуурунньук Душанбеҕа бэчээттэммитэ [9]. ХIХ үйэтээҕи нуучча суруйааччыларын литературнай-критическэй үлэлэрин чинчийэн, анал үөрэх пособиетын Казань учуонайдара таһаарбыттара [11]. Саха литературатыгар суруйааччы кириитикэтин анаан чинчийии суох диэхпитин сөп. Ол эрэн биирдиилээн суруйааччылар литератураҕа көрүүлэрин сырдатар үлэлэр бааллар. Холобур, Г.С. Сыромятников,  В.Н. Протодьяконов Амма Аччыгыйын литература туһунан этиилэрин, суруйааччы кириитикэ сайдыытыгар оруолун туһунан, Д.Е. Васильева Софрон Данилов публицистикатын, Н.З. Копырин Софрон Данилов критическэй үлэлэрин туһунан ыстатыйалара о.д.а. бэчээттэммиттэрэ. Манна биһиги суруйааччы кириитикэтин уратыларын туһунан икки ыстатыйабытын уонна ХХ үйэ ортотунааҕы саха суруйааччыларын кириитикэҕэ үлэлэрин хрестоматия быһыытынан таһаарбыппытын эбиэхпин сөп [2; 3; 14].

Суруйааччы кириитикэтэ жанр өттүнэн уратылаах, идэтийбит кириитикэ традиционнай жанрдарыттан туспалаах. Бу туһунан Б.И. Бурсов быһаарыытын аҕалар тоҕоостоох: «Под писательскими литературно-критическими выступлениями я разумею не одни только их статьи, но и всякого рода речи, интервью, диалоги с кем-либо, ответы на вопросы и письма, рассказы о своей работе над тем или иным произведением, характеристику вообще своих литературных установок» [1, с. 50]. Мантан көстөрүнэн, суруйааччы литературнай-критическэй өйүн-санаатын кини бэлиэтээһиннэриттэн, литература туһунан санааларыттан, этиилэриттэн, ыстатыйаларыттан, дневниктэриттэн, суруктарыттан, ахтыыларыттан булуохха сөп эбит. Суруйааччы критическэй үлэлэригэр кини суруйар ураты уус-уран истиилэ, манерата арылхайдык көстөр.

Суруйааччы бэйэтин кириитикэтигэр үгүстүк ааҕааччылары кытта кэпсэтэр. Кэпсэтии (диалог) бэриллэр формата эмиэ араас буолар. Суруйааччылар үгүстүк ааҕааччыларга анаан бэлиэтээһиннэри хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэтэллэр, араас литературнай тэрээһиннэргэ тыл этэллэр, литература туһунан кэпсэтиилэргэ (интервью) кытталлар.

Сурук суруйааччы кириитикэтин биир ураты жанрынан буолар. Урукку өттүгэр литературнай сурук аҥаардас аадырыстаммыт эрэ киһитигэр буолбакка, профессиональнай эйгэҕэ, биир санаалаахтарга барыларыгар ананар, кэпсэтиини күөдьүтэр сыаллаах буолар эбит. Ол ордук ХIХ үйэҕэ күүскэ тэнийбит. Эпистолярнай кириитикэ литературнай кириитикэни кытта тутулунан да, функциятынан да ыксалаһар. Онон, суруйааччылар суруктара кинилэр кириитикэлэрин көрүҥүн быһыытынан билиниллэр.

Суруйааччы кириитикэтин биир уратытынан тус бэйэ айымньытын, айар үлэтин туһунан бэлиэтээһиннэрэ буолаллар. Суруйааччы кириитикэтин бу уратыта туспа жанровай формалары үөскэппит: автохарактеристика, авторецензия, автокомментарий диэннэри.

Маны таһынан суруйааччы кириитикэтин биир ураты жанрынан атын суруйааччы кинигэтин арыйар киирии тыл (предисловие) буоларын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр [9]. Киирии тылы (ыстатыйаны) суруйуу бэйэтэ туспа суруллубатах ирдэбиллэрдээх эбит. Атын суруйааччы кинигэтин арыйар моральнай быраабы литератураҕа улахан авторитеттаммыт, норуокка киэҥник биллибит, таптаппыт, айар талаана толору сиппит-хоппут киһи эрэ ылар. Онон суруйааччы-кириитиктэр бу жанрга сааһыран баран  үлэлэһэллэр эбит. Саха суруйааччыларыттан киирии тылы үгүстүк Семен Данилов (1917-1978) суруйбутун тоһоҕолоон бэлиэтиибит. Семен Данилов литературнай-критическэй суруйуулара аан бастаан туспа кинигэнэн 1986 сыллаахха Москваҕа бэчээттэммиттэрэ [6]. Онтон 2016 сыллаахха Айымньыларын 4 туомугар тахсыбыттара. Бу таһаарыыга кинигэлэргэ суруллубут киирии тыллар “Поэзия – өрүү арыллыбатаҕы арыйыы» диэн туспа түһүмэххэ түмүллэн бэчээттэммиттэрэ. Манна барыта аҕыс үлэ баар:

— «Сказки земли Олонхо»: Суорун Омоллоон түмэн, хомуйан оҥорбут «Якутские сказки» диэн кинигэтигэр киирии тыл (кээмэйэ 6 с.);

— «Поэзия борьбы и созидания»: П.А. Ойуунускай хоһооннорун 1978 сыллаахха нууччалыы тылынан таһаарыыга анаан суруллубут ырытыылаах киирии ыстатыйа (Г.Г. Окороковтыын суруйбуттар) (кээмэйэ 34 с.);

— «Киргиз норуотун улуу акына»: Токтогул. Талыллыбыт ырыалар (Дьокуускай, 1964) киирии тыл быһыытынан суруллубут (кээмэйэ 5 с.);

— «Юкагир поэзиятын бастакы хараҥаччыта»: юкагир поэта Гаврил Курилов-Улуро Адо «Дьоруо туйах тойуга» (1970) хоһооннорун хомуурунньугар киирии тыл (кээмэйэ 5 с.);

— «Салават дойдутун литературата»: «Агыдель кытылыттан» (1974): Башкирия суруйааччыларын айымньыларын Моисей Ефимов түмэн, саха суруйааччылара тылбаастаан таһаарыыларыгар киирии тыл (кээмэйэ 8 с.);

— «Григорий Данилов»: Григорий Данилов «Сырдыктан сырдык» (1976) кинигэтигэр киирии тыл (кээмэйэ 4 с.);

— «Сүрэх ырыата (Поэзия туһунан быстах санаалар)»: бэйэтин икки туомнаах талыллыбыт айымньыларын кинигэтигэр киирии ыстатыйа (кээмэйэ 14 с.);

— «Таллан Бүрэ»: Таллан Бүрэ «Өлүөнэ очуостара» (1971) хоһооннорун, поэмаларын кинигэтигэр киирии ыстатыйа (кээмэйэ 13 с.).

Билиҥҥи литературоведениеҕа киирии тылы кинигэни арыйар, биир эбэтэр хас да айымньыны билиһиннэрэр, көрүллэр айымньыларын идейнэй ис хоһооннорун сыаналыыр, ааптардар тустарынан критическэй бэлиэтээһиннэри биэрэр кылгас ыстатыйаны ааттанар. Бу – идэтийбит кириитикэҕэ сөптөөх быһаарыы. Киирии тыл бу сүрүн бэлиэлэрэ суруйааччы-кириитиктэр кинигэлэргэ суруйбут киирии тылларыгар сүнньүнэн оннунан хаалаллар. Ол эрэн суруйааччы-кириитик киирии тылыгар субъективнай өрүтэ баһыйар буолар. Маны таһынан суруйааччылар чугастык билсэр, биир көрүүлээх киһилэрин кинигэтин арыйар киирии тылы  суруйаллар. Онон киирии тыллартан суруйааччылар сыһыаннарын, ону ааһан интэриэстэрин билиэххэ сөп.

Бу өттүттэн Семен Данилов кинигэлэргэ суруйбут киирии тыллара кэрэхсэбиллээхтэр. Поэт литературалар доҕордоһууларын өрө тутара, элбэхтик үлэлиирэ. Киргиз акынын Токтогул Сатылганов кинигэтигэр, Башкирия суруйааччыларын айымньыларын сахалыы таһаарыыга уонна юкагир поэта Улуро Адо хоһооннорун хомуурунньугар олус истиҥ киирии тыллары суруйбута. Холобур, киргиз советскай литературатын төрүттээччи, норуот ырыаһыта Токтогул Сатылганов олорбут уустук олоҕун киирии тылыгар сиһилии суруйбута уонна кини айар үлэтин үрдүктүк сыаналаабыта: «Токтогул туох да туһунан ыллаатын – барыта үлэлээн иитиллэр норуот хараҕынан көрөн, норуот өйүгэр-сүрэҕэр тиийэрдик хоһуйара» [7, с. 53]. Акын фольклор үгэстэриттэн төрүттээх эрээри, саҥа, сонун, чаҕылхай ырыа тойугунан кэпсиирин саха поэта ордук кэрэхсээбитэ.

Башкир суруйааччыларын айымньыларын кинигэтигэр суруйбут киирии тылыгар Семен Данилов саха ааҕааччыта бу норуот литературатын историятын туһунан толору өйдөбүл ыларын курдук ымпыктаан суруйбута; хас биирдии суруйааччы айар үлэтин уратытын чопчулаан, тус сыанабылын, сыһыанын  эппитэ. Холобур, «Бу көлүөнэ суруйааччылартан Башкирия биир саамай талааннаах поэтын Назар Наджмины ордук чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини нарын уйулгулаах, муударай, ол иһигэр дириҥ социальнай ис хоһоонноох лириката уонна драматургията биһиги дойдубутугар киэҥник биллэллэр. Кини сырдыктан, үчүгэйтэн үөрүнньэҥ, куһаҕантан, хараҥаттан хомойунньаҥ киһи»  [7, с. 64].

Семен Данилов киирии тылларыгар кинигэлэр ааптардарыгар сыһыана, уус-ураннык суруйар ураты истиилэ толору арыллар. Ол курдук Григорий Данилов «Сырдыктан сырдык» кинигэтигэр суруйбут киирии тыла бэйэтэ айымньы курдук. «Мин кинини олох кыра эрдэҕиттэн билэрим…» диэн тылларынан саҕаланар уонна хоһооннор ааптардара үөрэппит оҕото буоларын, айымньыларын ааҕан баран соһуйбутун этэр. Биһиги киирии тылы суруйааччы кириитикэтин жанрын быһыытынан арыйабыт, онон Семен Данилов оҥорбут сыанабылларыгар тохтуубут: «Тэтэрээт хас даҕаны салаалаах. Онно В. Маяковскайга хабааннаах уобарастардаах буолан баран, ыһыллаҕас, оҕотук уонна олус ыһыылаах-хаһыылаах хоһооннор баһыйаллар эбит. Ол эрээри мин урут хоһоон эрэ суруйара буолуо диэбэтэх киһим аахпыт киһини «сык» гыннарар, сахалартан кимиэхэ да маарыннаабат ойуулуур ньымата, олурҕа да буоллар сонун уобарастара соһуппуттара. Олор быыстарыгар, көтөр-сүүрэр, от-мас, кыыл-сүөл туһунан уурбут-туппут курдук тупсаҕай чочуллуулаах, ааптар киһи күн аайы көрсөр харамайдарыгар, көннөрү киһи хараҕар ылбычча көстүбэт, туох эрэ дьиктини, туох эрэ бэлиэ кэрэни таба көрөн ойуулуур минньигэс строкалар бааллара» [7, с. 68]. Чинчийээччилэр суруйааччы-кириитик атын суруйааччы айар ураты ньыматын тута бэлиэтии көрөр диэн этэллэр. Көрөрбүт курдук, Семен Данилов Григорий Данилов уратытын тута бэлиэтии көрбүт. Түмүгэр Григорий Данилов сүрүн жанрынан, саамай тобуллубут көрүҥүнэн оҕолорго аналлаах лирика буоларын чорботон бэлиэтээбит.

Семен Данилов «Таллан Бүрэ» диэн киирии ыстатыйата — Таллан Бүрэ айар үлэтин туһунан биир саамай дириҥ хорутуулаахтык суруллубут  үлэ. Семен Данилов Таллан Бүрэ туһунан ким да урут этэ илик сыанабылларын эппитэ, түмүктэри оҥорбута. Холобур, «Уолан Эрилик» туһунан көрүөҕүҥ: «Уолан Эрилик» поэма – поэт айар олоҕун сүрүн айымньыта. М. Лермонтов «Демонын» ньуолдьаҕай оҕо сааһыттан саҕалаан баран, хат-хат төхтүрүйэн, чочуйбута-оҥорбута. Син эмиэ ол кэриэтэ Таллан Бүрэ бу айымньытыгар бүтүн олоҕун биэрдэ, хаста эмэ төхтүрүйэн оҥордо-чочуйда» [7, с. 91-92]. Эбэтэр «Ылар тематынан, далааһына киэҥинэн, ойуулуур уобараһа боччумнаахтарынан, уус-уран таһымынан, кырааската чаҕылхайынан, тыла эҥсиитинэн бу саха поэзиятыгар дьиҥ чахчы бэлиэ, дьоһуннаах айымньы. «Уолан Эрилигэ» суох саха поэзитын уопсай хартыынатын ойуулуур түктэри“  [7, с. 92].

Бу киирии ыстатыйа ураты тутуллаах, уус-ураннык суруллубут, киһи умсугуйан ылларан ааҕар айымньытын кэриэтэ. Семен Данилов ыстатыйатын «Поэттар син өрүстэр курдуктар» диэн этиинэн саҕалыыр уонна «Поэттар – өрүстэр курдуктар» диэн бигэргэтэр этиинэн түмүктүүр. Семен Данилов Таллан Бүрэ хоһооннорун, поэмаларын аахтаҕына Өлүөнэ өрүс биир дьикти түбэтигэр, хаһан да сылдьыбатах сиригэр тиийбит курдук сананар эбит. Уонна ол түбэни уобарастаан ойуулуур. Киирии ыстатыйа түмүгүн хайаан да быһа тардан холобурдуур тоҕоостоох. Семен Данилов суруйар: «Күндү ааҕааччы! Эн аах, таптаа бу дьикти поэзияны, киир, сырыт Таллан Бүрэ саарыстыбатыгар. Манна барыта үрдүк өрүттээх. Бу саарыстыбаттан эн санааҥ сырдаан, өйүҥ үрдээн, сүрэҕиҥ тэбиитэ эрчимирэн тахсыаҥ. Мин онно эрэнэбин!» [7, с. 96]. Хайдах курдук үрдүк сыанабылый?! Хайдах курдук истиҥ сыһыаный?!

Оттон Семен Данилов бэйэтин икки томнаах талыллыбыт айымньыларыгар суруйбут «Сүрэх ырыата» киирии тылыгар поэзия туһунан тус өйдөбүлүн, дьоҕур, талаан, поэт, айар үлэ санааларын арыйбыта, бэйэтин айар үлэтигэр бэлиэтээһиннэри оҥорбута. «Мин күндү, мин истиҥ сүрэхпиттэн сүгүрүйэн туран таптыыр ааҕааччыам, эн нүһэр дьүүлгэр бу түөрт уон сыллаах түбүгүм түмүгүн – талыллыбыт айымньыларым икки томун таһааран эрэбин, — диэн долгуйан суруйбута поэт. – Уонна хайдах эрэ арыт өҥүрүк куйаастаах, арыт уһун ардахтаах, арыт эрдэтээҥҥи да хаһыҥнардаах сай устата үрүйэн-харыйан, харыстаан оттообут оппун икки боскуйа күрүө оҥорон курулаабыт курдук санаалаахпын. Сытыйбатыннар-ымыйбатыннар, өрүү сүмэлээх буоллуннар, күөҕүнэн хараллыбыт от сытын ыһыктыбатыннар диэн, түстэрин чөкөтө сатаатым. Хайдах буолар?!» [7, с. 82].

Бу аҕыйах холобурдартан көрдөххө, Семен Данилов кинигэлэргэ суруйбут киирии тылларыгар саҥа кинигэ, саҥа айымньылар тустарынан тус сыанабыла толору арыллар, ааптардар тустарынан бэлиэтээһинэ, поэзияҕа ылар миэстэлэрин чопчулааһына баар. Маны таһынан киирии тыллар ураты уус-уран тылынан, уран истиилинэн суруллубуттар. Сорох киирии тыллар бэйэлэрэ уус-уран айымньыга майгынныыллар да диэххэ сөп. Киирии тыл (киирии ыстатыйа) сүрүн соруга – кинигэни арыйыы, ааҕааччыны умсугутуу, кинигэ ааптарын, айымньы туһунан билиһиннэрии. Семен Данилов суруйбут киирии тыллара хайаан да ааҕааччыга туһаайыылаах буолар. Кинигэни илиигэр ылан, киирии тылы аахтаххына эн олус үчүгэй кинигэни арыйбыккар итэҕэйэҕин, хайаан да ааҕыахтаахпын диэн санааҕа кэлэҕин. Онон суруйааччы кириитикэтин жанрын быһыытынан биллэр киирии тыллар Семен Данилов айар үлэтигэр туспа миэстэлээхтэр уонна кини суруйааччы-кириитик быһыытынан үлэтин бигэргэтэллэр.

Туһаныллыбыт литература

  1. Бурсов Б.И. Критика как литература. – Л., 1976. – 320 с.
  2. Григорьева Л.П. Особенности писательской критики (на материале якутской литературы) // Филологические науки. Вопросы теории и практики. – Тамбов: Грамота, 2013. №1 (19) С. 69-72
  3. Григорьева Л.П. Суруйааччы кириитикэтэ: уратылара, жанровай арааһа // Проблемы национальной литературы: художественные поиски второй половины ХХ в. и современность: Материалы Всероссийской научной конференции, посв. 100-летию со дня рождения писателя, учителя, фольклориста Р.А. Кулаковского (г. Якутск, 18-19 июня 2014 г.) – Новосибирск: Наука, 2015. С. 133-140
  4. Голубков М.М. История русской литературной критики ХХ в. (1920-1990-е гг.): Учебное пособие. – М.: Академия, 2008. – 318 с.
  5. Данилов С.П. Поющие снега: Из литературно-критического наследия. – М.: Советская Россия, 1986. – 144 с.
  6. Данилов С.П.Айымньылар. Т. Поэзия – өрүү арыллыбатаҕы арыйыы: тыл этиилэр, дакылааттар, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр, кинигэлэргэ киирии тыллар, ырытыылар / хомуйан о4ордо, бы7аарыылары суруйда С.А. Попов-Сэмэн Тумат, киирии тылы суруйда Н.И. Харлампьева. – Дьокуускай: Бичик, 2016. 288 с.
  7. История русской литературной критики: учеб. для вузов / Под ред. В.В. Прозорова. – М.: Высшая школа, 2002. 463 с.
  8. Исаев Г.Г. Предисловие как жанр писательской критики в творчестве Леонида Леонова // Проблемы развития литературной критики: сб. Научных статей. – Душанбе, 1984. С. 83-91
  9. Истратова С.П. Литература глазами писателя. – М., 1990;
  10. Литературно-критическая деятельность русских писателей ХIХ в.: Учебное пособие. – Казань: Изд-во Казанского ун-та, 1989.
  11. Проблемы писательской критики: Сб. научных трудов. – Душанбе, 1987. – 88 с.
  12. Проблемы развития литературной критики: Сб. научных статей. – Душанбе, 1984. – 124 с.
  13. Суруйааччы кириитикэтэ: (ХХ үйэ ортотунааҕы саха суруйааччыларын литературнай-критическэй үлэлэрэ): хрестоматия / сост. Л.П. Григорьева. -Дьокуускай: ХИФУ изд-й дьиэтэ, 2012. – 173 с.

This post was published on 27.11.2020 11:02 11:02