Киинтэн ыраах улуустар аэропортарын уларытан тутуохтара

Алексей Колодезников видеоконференцсибээһинэн «Аэропорты Севера» тэрилтэ магистральнай структуратын саҥардыыга уонна кэҥэтиигэ мунньах ыытта. СИА-ҕа регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


«Аэропорты Севера» ФКП генеральнай директора Вадим Волков иһитиннэрбитинэн, биир кэлим былаанынан Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин аэропорда уларыта тутуллар.  Бу күннэргэ ис-тас оҥоһуутун кытта сэргэ эбийиэктэри күрүөлээһин уонна ГСМ тирэх турбаларын таҥыы ыытыллар.

2021 сылга былаан быһыытынан, Өлүөхүмэ уонна Эдьигээн, оттон 2022 сылга — Нерюнгри куоратын аэропортара түмүктэниэхтээхтэр.

«Ленааэропроект» бырайыактыыр институту кытта үс хантыраак суруллар: «Маҥан», «Уус-Ньара» уонна «Полярнай» аэропортарыгар.

«Маҥаҥҥа» докумуона бэлэм, Главгосэкспертиза тэрилтэҕэ бэриллэр, «Уус-Ньараҕа» – госзаказчикка бэрэбиэркэ ааһар, «Полярнайга» – ситэрэн оҥорууга докумуона институкка төннөрүллүбүт.

Вадим Волков эппитинэн, аэропортары уларытан тутууга сүрүн кыһалҕанан — бэдэрээччит тэрилтэлэргэ харчылара тиийбэтэ. Билигин үлэ иһин төлөбүр хамсааһына уларыйан турар — бастаан абаансанан бэриллэр, онтон хаалбытын үлэ 100 бырыһыан бүтэн туттарылыннаҕына эрэ көрүллэр.

Сиһилии: https://ysia.ru/vlasti-yakutii-poruchili-razrabotat-chyotkij-grafik-rekonstruktsii-aeroportovyh-kompleksov/

This post was published on 18.06.2020 16:01 16:01