Саха сиригэр кулун тутар 30 күнүгэр Степан Бурнашев режиссердаах «Айта» дьиктилээх, таайтарыылаах киинэ көстүөҕэ. Бу режиссер 13-с киинэтин хартыыната, «Зимний» бэстибээлгэ «Лучшая режиссура» уонна «Лучшая мужская роль» номинациялар кыайыылаахтара.
Жанра — детективнай триллер, дьиҥнээх олоххо олоҕурар.
Сүрүн оруолларга оонньоотулар – Иннокентий Луковцев, Ильяна Павлова, Георгий Бессонов, Людмила Малыкайцева, Айталина Цыпандина, Спартак Ларионов, Айталыына Яковлева уонна ыҥырыылаах актёр Андрей Фомин.
Билиэттэри «Пушкинскай картанан» ылыахха сөп.
This post was published on 24.03.2023 14:01 14:01