Саха сиригэр киинэ индустриятын 2021-2025 сылларга сайыннарыы туһунан концепцияны өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыба кэлэр сыл олунньутугар ылыныа. Концепция тула култуура министиэристибэтин коллегиятыгар кэпсэттилэр.
«Сахафильм» художественнай салайааччыта Алексей Романов ураты болҕомтону тэхиниичэскэй боппуруостарга уурары эттэ. «Биһиги киинэлэрбитин прокатчиктар интэриэһиргииллэр. Сотору Дмитрий Давыдов «Пугалота» улахан экраҥҥа тахсыа. Ити улахан эппиэтинэс. Киинэ устар камераларбыт, тэриллэрбит аныгы саалаларга эппиэттэһэллэрин курдук дьаһаныахпытын наада. Үгүс чааһынай киинэ устааччылар наадалаах тэриллэри «Сахафильмтан» уларсаллар», — диэтэ Алексей Романов.
Коллегия Саха сиригэр киинэ индустриятын сайыннарыы концепциятын сүрүн тосхоллорун бигэргэттэ. Култуура министиэристибэтэ Концепция барылын бырабыыталыстыба көрүүтүгэр олунньуга киллэриэ.
This post was published on 16.12.2020 17:01 17:01