Киин куораттарга сөмөлүөтүнэн быһа сырыы олохтонор

«S7» авиа-хампаанньа Дьокуускай-Москва хайысханан күннэтэ быһа сырыылары балаҕан ыйын 20 күнүттэн оҥоруо. Алтынньыттан ити маршрутунан дьону таһыыга «Северный ветер» авиа-хампаанньа кыттыһыа. Бу туһунан СИА «Дьокуускай» аэропордун пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


«Москва аэропордарыттан Дьокуускайга диэри уонна төттөрү Москваҕа диэри күннэтэ сырыылары, барыллаан быһаарыынан, «Аirbus A320» көтөр аал оҥорор буолуоҕа», — диэн пресс-сулууспа суруйар.

Ону таһынан, алтынньы 4 күнүттэн Москваҕа диэри рейстэри «Северный ветер» авиа-хампаанньа эмиэ оҥорор буолуоҕа. Хампаанньа Аirbus A321 сөмөлүөттэрэ хас бэнидиэнньик, сэрэдэ уонна бээтинсэ аайы көтүөхтэрэ.

«S7» авиа-хампаанньа балаҕан ыйын 20-с күннэриттэн  Владивостокка сырыытын сөргүтүө. Сөмөлүөттэр нэдиэлэҕэ иккитэ көтүөхтэрэ.

This post was published on 24.08.2021 13:01 13:01