«Дьокутааттар эрэгийиэннэринэн киин куорат баһылыктарын эрэгийиэн баһылыга анаан-минээн туруорбут эрэ хандьыдааттарыттан талыахтаахтар», — диэн Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын бөлөҕө олохтоох салайыныы туһунан саҥа федеральнай сокуон барылын ырытыы кэннэ сөптөөх нуорманы бигэргэтэргэ этии киллэрдэ.
Бу көҕүлээһини бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, киин куорат уокуругун дьаһалтатыгар Ил Түмэн, куорат Дуумата, Дьокуускай куорат уонна СӨ уопсастыбаннай балааталарын уонна киин куорат уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах төгүрүк остуол тула дьүүллэстилэр. Сокуон көҕүлээһинин ааптардара бэлиэтииллэринэн, бу кэмҥэ Арассыыйа үрдүнэн үгүс административнай кииннэринэн быһаччы быыбары ыытартан аккаастаммыттара ырааппыт. Дьокуускай куорат саҥа тиһиккэ көһө уонна сокуон барылын ылына илик дойду үрдүнэн түөрт куорат ахсааныгар киирэр. Бу көҕүлээһини ылыныы хайыы-үйэ атын эрэгийиэннэргэ олохтоммут уонна үлэлии турар быраап быраактыкатыгар сөп түбэһиннэрэн сокуон нуорматын олоххо киллэриэҕэ.
Ил Түмэн Олохтоох салайыныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев этэринэн: «Баһылыгы дьокутааттар талар түгэннэригэр, былаас сүрүн тосхоллоро оннунан хаалар, ол курдук куорат баһылыга сокуон ирдэбилинэн дьокутааттар иннилэригэр ыыппыт үлэтин сыл ахсын отчуоттуур эппиэтинэстээх».
Дьокуускай куорат баһылыгын талыыга саҥа бэрээдэккэ көһүү агломерация улахан маастар-былаанын олоххо киллэриини кытта сибээстээх диир Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.
Төгүрүк остуол түмүктэрин таһаарыыга, Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев дьокутааттар көҕүлээһиннэрэ Төрүт сокуон саҥа балаһыанньаларыгар сөп түбэһэрин уонна ураты болҕомтоҕо ылылларын эттэ, суруйда «Саха сирэ» саайт.