Дьокуускайга сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри «Вкус Якутии» гастрономическай бэстибээл ыытыллыаҕа. Нэдиэлэ устата аҕыс ресторан Саха национальнай уонна Уһук Хоту уонна Арктика норуоттарын аһын аныгылыы астааһыҥҥа күрэхтэһиэхтэрэ.
Киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара «Аврора», «Высота-160», «Усадьба Атласовых», «КРЫША», Kitchen, «Орто дойду», «Зеленый город» уонна «Махтал» рестораннарга дегустационнай ситимнэри боруобалыахтарын сөп. Ону тэҥэ сөбүлээбит рестораннарыгар куоластарын порталга хаалларыахтара.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Вкус Якутии» гастрономическай бэстибээл тохсус төгүлүн ыытыллар уонна «Зима начинается с Якутии» бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл биир сүрүн тэрээһининэн буолар.