Дьокуускайга биэс светофор эбийиэгэ 2024 сыл сэтинньи ыйыттан үлэҕэ киириэхтээх интеллектуальнай тырааныспар ситимигэр холбонуоҕа.
Бу туһунан киин куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. Саҥа интеллектуальнай тырааныспар ситимэ улууссаларынан тырааныспар сырыыларын, светофордары салайарга, харыы тахсар учаастактары буларга уонна сөптөөх дьаһаллары ылынарга көмөлөһүөҕэ диэн мэрияҕа бэлиэтээтилэр.
Бырайыагы олоххо киллэриигэ Дьокуускай информационнай технологиятын киинэ уонна «ВойсЛинк» хампаанньа икки ардыларыгар хантараак түһэрсилиннэ. Саҥа тиһиккэ киин куорат 142 кыбаарталын Федор Попов, Богдан Чижик, Бестужев-Марлинскай уонна Губин, ону тэҥэ Богдан Чижик уонна Богатырев уулуссаларын быһа охсуһууларыгар турар светофордар холбонуохтара.
«Билигин бырайыак Росавтодорга сөбүлэһиннэриигэ сытар», — диэн киин куорат Суол-тырааныспар сулууспатын салайааччытын э.т. Людмила Давыдова бэлиэтээтэ. Куорат агломерациятыгар интеллектуальнай тырааныспар ситимин киллэрии «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан оҥоһуллар, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 19.07.2024 13:01 13:01