Госдуума быыбарын үһүс күнүгэр күнүс 12.00 чааска Саха сиригэр быыбардааччы 35 %-н кэриҥэ куоластаата. Барыллаан дааннайынан, 231 646 киһи кытынна. Ол туһунан киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Конакова эттэ, суруйар СИА.
Саха сиригэр Госдуума депутаттарын талыыга быыбар үһүс күнэ ыытыллар. Региоҥҥа маны тэҥэ Ил Тумэҥҥэ эбии быыбар уонна муниципальнай быыбардар ыытыллаллар.
«Хоту улуустар олохтоохторо быыбарга кыттыылара көхтөөх. Бэҕэһээ Анаабыр улууһа 60% көрдөрбүтэ. Маны сэргэ кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга быыбардааччылар 100% куоластаабыттара бэлиэтэнэр»,- диэтэ Ирина Конакова.
Ирина Конакова 2016 сыллааҕы Госдуума быыбарын кытта тэҥнээтэ, онно кыттыы өрөспүүбүлүкэҕэ 48% буолбута.
Кини быыбардыыр учаастактарга санитарнай ирдэбил тутуһулларын эттэ. Итиэннэ икки учаастак бэрэссэдээтэлэ коронавирустаабыттарыгар комментарийдаата: «Икки бэрэссэдээтэл чахчы коронавирустаабыта биллэр. Ити эрээри кинилэр ыалдьыбыттара быыбардыыр учаастактар үлэлэрэ арылла илигинэ буолбута бэлиэтэнэр. Онон долгуйар олоҕо суох. Бары учаастактаргытыгар кэлэн быыбардыыргытыгар ыҥырабыт».
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
This post was published on 19.09.2021 13:15 13:15