Киэҥ Күөлгэ турбут ойуур уотун буруотуттан оҕолору атын сиргэ илтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Абый оройуонугар хойуу буруо турбутунан, Киэҥ Күөлтэн бөртөлүөтүнэн 13 оҕону, икки арыаллааччыны уонна икки доруобуйаларынан хааччахтаах дьону атын сиргэ илтилэр.

ЫБММ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, ойуур баһаара дэриэбинэттэн 6,8 км тэйиччи баар. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат.

This post was published on 22.07.2024 18:36 18:36